Сунтаар күөрэгэйдэрэ

Share

Оҕолорун сахалыы тыыҥҥа, төрөөбүт тылларынан саҥарарга иитиэн баҕалаах Дьокуускай куорат төрөппүттэрэ “Күөрэгэй” түмсүүнү тэрийбиттэрэ.

Билигин бу түмсүү салаалара улуустарга үлэлиир буолла. Сунтаарга салааны эдэр ийэ, саха тылын учуутала идэлээх Сардаана Афанасьева салайар. Кини бэйэтин аттыгар эмиэ бэйэтин курдук көрүүлээх, оҕолорун сахалыы эйгэҕэ иитиэн баҕалаах ийэлэри  түмэн араас тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри тэрийэн саҕалаатылар. Бастакы улахан тэрээһиннэринэн П.А.Ойуунускай айымньыларын  уус-ураннык ааҕыы күрэһин тэрийдилэр. Күрэскэ 18 кыттааччы кытынна. Төрөөбүт дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу туһунан хоһооннору ордук уолаттар ааҕаллара дьон сэҥээриитин ылла. Күрэс муҥутуур кыайыылааҕынан Элгээйиттэн Сергей Слепцов буолла, салайааччыта Л.Н.Павлова.

Мира Афанасьева хаартыската

Сунтаар күөрэгэйдэрин бастакы улахан тэрээһиннэригэр Дьокуускай куораттан «Күөрэгэй» түмсүү кыргыттара: юрист идэлээх Сардаана Кулаковская, «Уютно» маҕаһыын хаһаайката, блогер Евдокия Попова, логопед идэлээх Валентина Татаева ыалдьыттаатылар, көрсүһүү оҥордулар. Кыргыттар көрсүһүүгэ кэлбит ийэлэргэ оҕону сахалыы иитии, бэйэ брендин оҥостуу, дьоллоох дьиэ кэргэн хайдах буолуохтааҕын туһунан санааларын үллэһиннилэр. Блогер кыргыттар олохтон бэйэ холобурун кэпсээн, араас сүбэлэри биэрэн көрсүһүү олус истиҥник уонна сылаас эйгэлээхтик ааста.

Мира Афанасьева хаартыската

Көрсүһүү кэнниттэн дьоллоох дьиэ кэргэҥҥэ эрэ доруобай, сахалыы эйгэлээх, толкуйдаах оҕо иитиллэн тахсар диэн санааҕа кэллилэр.

Мира Афанасьева

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

10 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

41 минута ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

3 часа ago