Салгыы
Сунтаар Күндэйэтин Арчебала — бассаап дьоруойа

Сунтаар Күндэйэтин Арчебала — бассаап дьоруойа

02.06.2023, 11:56
Хаартыска - Ольга Степанова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн сарсыарда Сунтаар Күндэйэтин олохтоохторо Степановтар Арчебаль сибиинньэлэрэ аатыран уһугунна.

«Бу сибиинньэни өйдөөн көрүҥ эрэ хоонньоһон сытарын. Олус өйдөөх сибиинньэ аата «Арчебаль» Күндэйэҕэ олорор. Хаһаайкатын кытта үүт анна ыла собуокка барсар, албыннаһан үҥкүүлүүр биэдэрэнэн помойа ыла ыалга тиийэр, онтун тута сиэбэт, дьиэтигэр аҕалан баран налыччы  кэмигэр сиир», диэн хайдах бассаапка (*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России) тарҕаммытынан холобурдаатахха, Арчебаль бүгүҥҥү күн дьоруойунан буолара саарбаҕа суох.

Күндэйэҕэ Арчебаль хаһаайкатыгар Ольга Степановаҕа эрийэн кэпсэтэ сырыттым. Хаһаайка бу курдук кэпсээннээх буолла:

Былырыын улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан бэйэбит  сакааспытынан сибиинньэ оҕолорун аҕалан түҥэппиттэрэ. Миэхэ бары үллэстибиттэрин кэннэ бүтэһиги аҕалан биэрбитэрэ. Саамай кыралара буолан, ким да ылбатах этэ. Кыра эрдэҕиттэн көрөн, аһара атаахтатан кэбиспиппин быһыылаах. Олох оҕолуу ииппитим. Икки кыра ыппын кытта үһүөн бэйэбин батыһан улааппыттара. Ыттарын кытта күүлэйдии сылдьан, улахан ыттар үрдэхтэринэ, өссө хоһуҥураан көмүскэһэр эҥин этэ. Аҕабыт күһүн идэһэлээри гыммытын, харыһыйан тыыттарбатаҕым. Ол иһин ынахтары кытта быйыл хотоҥҥо кыстаабыта. Сайын Арчебаль кэлэригэр ынахтарым сайылыкка сылдьыбыттара. Күһүн кэлэн баран сибиинньэбин көрөн баран соһуйуу бөҕөлөр, кэйээри иҥин гыналлар этэ. Арчебаль барыларын кытта уопсай тыл буларынан маладьыас. Наһаа өйдөөх. Онон билигин атаһа-доҕоро элбэх.

Бу хаартыскалары статуспар таһаарбытым. Ол кэнниттэн Арчебалым аатыра түстэ. 

Быйыл күөххэ үктэнэн баран, хотонтон таһаарбыппар ыт доҕотторун көрөн баран үөрбүтүөн! Анарааҥҥылар эмиэ Арчебалларын билэн, эмиэ үөрүү бөҕөлөр. Оҕо эрдэхтэриттэн бииргэ улааппыт буолан, наһаа санаһаллар. 

Арчебаль диэн ааты тута биэрбитим. Билбэтим, хайдах эрэ өйбөр көтөн түспүтэ. Арчебалым дьиэ кэргэним чилиэнин курдук буолла. «Быйыл идэһэҕэ туттабыт», — диэн аҕабыт сэрэппитигэр, хомойон үөһэ тыыммыппар, «хайдах өр барыай,  турукка киирэн бэлэмнэнэр буоллаҕыҥ…» диэбитэ. Арчебалым билигин да атаах. Наһаа «үҥсүүк». Аҕабытыттан мөҕүлүннэҕинэ, аттыбар кэлэн хоһуҥураа да хоһуҥураа буолар. Ити аата «миигин мөхтүлэр» диэн үҥсэн барар. Оччоҕуна мин таптыы-таптыы дэлби имэрийэн уоскутабын. Онно сөп буолан, салгыы  күүлэйдии сүүрэр. Аны үҥсэргээри гыннаҕына, ханна сырыт, тиэргэн араас муннугуттан булан ылар. Хоһуҥураан иһэрин көрдөхпүнэ ардыгар саһан хаалааччыбын. Оччоҕуна көрдүү сатаан баран, куттаан ньимийэн хаалар. Аны ол ааттаһыыта буолар. Саҥата суох бардаҕына, ол аата куттуу сытар диэн. 

1-кы уонна 3-с кылааска үөрэнэр кыра оҕолорум күннэрэ Арчебальтан тахсар. Сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии ол дьонун тиэйэриттэн соло булбат. Дьэ, ити курдук, Арчебальбыт  — бүгүҥҥү олохпут аргыһа буолан, истиҥ доҕорбутунан буолар.

Тыа сирин ыалын биир сайыҥҥы күнүн сонуна итинник.

*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: