Салгыы
«Сунтаар миигин ыҥырар» ырыа-хоһоон түһүлгэтэ

«Сунтаар миигин ыҥырар» ырыа-хоһоон түһүлгэтэ

14.07.2024, 16:00
Хаартыска: ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтата, Сунтаар бибилэтиэкэлэрин кииннэммит ситимэ сыл аайы тэрийэн ыытар «Сунтаар миигин ыҥырар» ырыа-хоһоон түһүлгэтэ быйыл Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Эдуард Дмитриевич Соколов-Тулусхан төрөөбүтэ 80 сылыгар ананна.

Суруйааччы, эколог, спорт­смен, С.А.Зверев-Кыыл Уолун холбоһуктаах түмэлин төрүттээччи, «Ньургуһун» литэрэтиирэ түмсүүтүн салайбыт Эдуард Соколов төрөөбүт күнүгэр, от ыйын 3 күнүгэр кини төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр Маар Күөлгэ ыытыллар ыһыахха уонна киниэхэ анаммыт тэрээһиннэргэ Дьокуускайтан ыҥырыллан тиийдибит. Ыалдьыттар ортолоругар СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ: «Күрүлгэн» сурунаал эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан, Михаил Санников-Уол Сарсын, «Киин куорат» хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Айыына Ксенофонтова, Саха сирин Суруйааччыларын со­­йууһун чилиэнэ, прозаик Иван Осипов-Уйбаан Ойуур бааллар. Ону сэргэ Эдуард Соколов дьиэ кэргэнэ, аймахтара түмүллэн кэлэн тэрээһини истиҥ-иһирэх тыыннаатылар. Айылҕа силигилээн ситэн, күөҕүнэн симэнэн турар кэмигэр улуус кииниттэн массыыналар субуруһан айаннаатылар. Уһун Күөл диэкинэн ааһан иһэн саха норуо­дунай суруйааччыта Леонид Поповка аналлаах улахан тэрээһиҥҥэ сылдьыбыппытын истиҥник ахтан-санаан аастыбыт. Аны билигин айан аартыга биһигини Эдуард Соколов төрүт дойдутугар аҕалла.

Тэрээһин кыттыылаахтарын Эдуард Соколов аатынан ааҕар балаҕаҥҥа «Эдуард Соколов-Тулусхан чаҕылхай олоҕо» быыстапканы көрөргө ыҥырдылар. Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ сүрүн библиог­раба Лидия Чирикова суру­йааччы олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрдэ. Кииннэммит бибилэтиэкэ, Сергей Зверев аатынан түмэл, архыып үлэһиттэрэ, мэлдьи да буоларын курдук, киэҥ ис хоһоонноох быыстапканы бэлэмнээбиттэр. Манна Тулусхан кинигэлэрэ, кини айар үлэтигэр анаммыт суруйуулар, архыып матырыйааллара, Сергей Зверев аатынан түмэлгэ хараллар эспэнээттэр уо.д.а. ууруллубуттар. Биир «булумньунан» «Саха» НКиХ архыыбын пуондатыгар хараллан сытар суру­йааччы Венера Петрова-Венера Тулусханы кытары кэпсэтии­тэ буолла. Эдуард Соколов кытары бу сэдэх интервьюну Кэмпэндээйи бибилэтиэкэрэ Татьяна Местникова сыыппараҕа көһөрөн, инникитин Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ ютуб-ханаалынан киэҥ араҥаҕа тарҕаныахтаа­ҕын туһунан эттилэр. Түмэл үлэһитэ Василий Слепцов Эдуард Соколов Кыыл Уолун холбоһуктаах түмэлин төрүттээһин, ол кэмнэртэн хараллыбыт сэдэх эспэнээттэр устуоруйаларын билиһиннэрдэ.

Салгыы модельнай бибилэтиэкэ дьиэтигэр, онтон суруйаач­чы төрүттэрин өтөҕөр Сылгы хаһаатыгар өйдөбүнньүк бэлиэ туруоруллуутугар кытынныбыт. Маар Күөл нэһилиэгин баһылыга Сергей Саввинов инникитин манна кыра балаҕан тутуохтарын былаанныылларын туһунан иһитиннэрдэ.

«Бэс анныгар» ыһыахтыы

Нэһилиэк олохтоохторун, ыһыах ыалдьыттарын, аймах билэ дьоннорун Бэс Анна диэн ыһыахтыыр түһүлгэҕэ киирэр ааҥҥа ыһыаҕынан эҕэрдэлии үөрэ-көтө көрүстүлэр.

Үрдүк Айыыларга үҥэн-сүктэн алгыс ылар, иҥэринэр сиэри-туому алгысчыт Семен Саввинов аал уоту оттон, алаа­дьылаах кымыһынан айах тутан айыылартан көрдөһөн оҥордо. Улуус баһылыгын социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеев, Маар Күөл нэһилиэгин баһылыга Сергей Саввинов, улуус култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччы Саргылаана Омукова ытык ыһыаҕынан эҕэрдэлээн туран, уһулуччу ситиһиилээх дьоҥҥо, нэһи­лиэк кырдьаҕастарыгар наҕараадалары туттардылар.

Ону сэргэ сунтаардар киэн туттар суруйааччы кыргыттара Саргылаана Спиридонова-Кэрэмэс кийиитигэр, Наталья Михалева-Сайаҕа үрүҥ көмүстэн кутуллубут Тулусхан аатынан Маар Күөл нэһилиэгин «Мохсоҕол» анал бэлиэтэ туттарылларын туһунан дьоһун сонуну ыһыах дьоно ытыс тыаһынан уруйдаатылар.

Ыһыах түһүлгэтигэр оһуокай, сахалыы таҥаска, оскуола оҕолоругар «Сайыына Куо», «Муос оноҕос» күүстээхтэр күрэхтэрэ ыытыллан, бииртэн биир тэрээһин салҕанан барда. Сунтаар улууһун биир чаҕылхай, киэн туттар киһитэ Эдуард Дмитриевич Соколов-Тулусхан аатын үйэтитэр үбүлүөйдээх ыһыах түһүлгэтэ төрөөбүт түөлбэтигэр дьон бары астынарын, дуоһуйарын курдук ыытылынна.

Кэтэхтэн күрэс кыайыылааҕа – Марианна Васильева-Умтичаана

Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтата «Ньургуһун» литэрэтии­ринэй түмсүүгэ сыл аайы аныыр Граныгар кэтэхтэн күрэс биллэриллибитэ. Барыта 12 айымньы киирбит. Дьүүллүүр сүбэ быһарыытынан, Марианна Ва­сильева-Умтичаанаҕа (Ки­­риэс­тээх с.) кыайыы­лаах үрдүк аатын иҥэрдилэр уон­на Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын аатыттан «Офсет» типографияҕа кинигэтин бэчээттэтэригэр 50 тыһ. солк. суумалаах Туоһу суругу Саргылаана Омукова туттарда.

Анабыл хоһоон кыайыылааҕа – Клара Тихонова

Маар күөллэр быйылгы ыһыахтара биир дойдулаахтарыгар, суруйааччы Тулусхаҥҥа анаммыт буолан, элбэх тэрээһин кини айар үлэтигэр туһуланна. Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов аатынан «Сунтаар миигин ыҥырар” ырыа-хоһоон улуустааҕы VIII түһүлгэтин чэрчитинэн “Олоҕу, дьолу, тапталы хоһуйбута” Эдуард Соколовка анабыл хоһоон күрэҕэ ыытылынна. Кылаан кыайыылааҕынан Сунтаар улууһун бочуот­таах олохтооҕо, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна Клара Тихонова (Тойбохой) ааттанан, Эдуард Соколов-Тулусхан оҕолоро туруорбут анал бириистэрин — 25000 солкуобай харчынан бириэмийэни тутта.

Барыта 20 ааптар бэйэтэ айбыт хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдэ.

Түмүккэ Биһирэбил бириис­кэ Светлана Самсонова-Сиибиктэ (Кэбээйи), Елена Антонова-Күн Сиккиэрэ (Аллыҥа), Тускулаана Горохова-Кобельянова (Сун­таар) тигистилэр. 1 үрдэлгэ Лилия Сергеева (Аллыҥа,10000 солк.), 2 үрдэлгэ Николай Егоров-Аҕырытта (Күндэйэ, 7000 солк.), 3-с үрдэлгэ Зинаида Васильева-Сыралы (Кутана, 5000 солк) тахсан, харчынан наҕараадаланнылар.

«Кэмчи кэрчиктэр» кыайыылааҕа – Михаил Санников-Уол Сарсын

«Кэмчи кэрчиктэр» диэн тута хоһуйууга «Дьылҕа» диэн тыл талылынна. Кыайыылааҕынан Дьокуус­кайтан кэлбит ыалдьыт Михаил Санников-Уол Сарсын ааттанна.

Бу күрэстэр кыттыылаахтарын айымньылара «Сунтаар миигин ыҥырар-2024» хомуурунньукка киллэриллиэхтэрэ. Анабыл хоһооннор уонна кэмчи кэрчиктэр күрэс­тэрин дьүүллүүр сүбэтигэр Сунтаар улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова, суруйааччылар Афанасий Гуринов-Арчылан уонна Надежда Егорова-Намылы үлэлээтилэр.

Кинигэлэр кэчигэрэстилэр

Эдуард Дмитриевич Соко­лов-Тулусхан төрөөбүтэ 80 сылыгар икки кинигэ сүрэхтэннэ. Бастакы кинигэҕэ – Эдуард Дмитриевич био­библиографическай ыйынньыгар Тулусхаҥҥа сыһыан­наах бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалар толору киирбиттэр. Ыйынньыгы Л.А. Попов аатынан Сунтаар киин бибилэтиэкэтин библиографтара Раиса Павлова уонна Лидия Чирикова хомуйан оҥорбуттар. Онтон «Кустук араас өҥүнэн» диэн хомуурунньугу Леонид Попов аатынан Сунтаар киин бибилэтиэкэтин методическай-информационнай салаатын үлэһиттэрэ Саргылана Спиридонова, Алена Портнягина, Ньургуяна Данилова кинигэ оҥорон бэчээккэ таһаарбыттар.

Ульяна Попова, дьүүллүүр сүбэ түсчүтэ:

– Умнуллубат, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолла. Маннык дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиир ураты кэрэхсэбиллээх эбит. Дьүүллүүргэ төһө да ыараханын иһин, уопсай тылы буллубут. Эдуард Соколов олорон ааспыт олоҕун, кини айымньыларын үйэтитэр көлүөнэ дьон баарыттан долгуйдум, үөрдүм.

Ксения Соколова-Таммах Өксүү:

– Маар Күөл ыһыаҕын тус бэйэм улуус ыһыаҕар майгыннаттым. Ол курдук, олус киэҥ бырагыраамалаах. Култуура ханнык баҕарар көрүҥэр эргиччи дьоҕурдаах, элбэх оҕолорунан, сиэннэринэн баай Эдуард Соколовка анабыл, ахтылҕан, үтүө өйдөбүл доҕуһуоллаах уйгу быйаҥ ыһыаҕы анаабыттарыгар олус махтанабын.

Дьокуускай – Сунтаар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: