Салгыы
«Сунтаар — Олоҥхо дойдута» айан аартыга арылынна

«Сунтаар — Олоҥхо дойдута» айан аартыга арылынна

26.09.2022, 12:41
Бөлөххө киир:

Сунтаарга Дьокуускай өттүттэн кэлиигэ, Ботомоойу үрэҕин аттыгар «Сунтаар — Олоҥхо дойдута» айан аартыга үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуус  күнүгэр арылынна.

Улуус култуураҕа салаатын салайааччыта Мария Кобельянова:

Аҕа баһылыкпыт Анатолий Григорьев хайаан да айан аартыгын саҥардан, Сунтаар — Олоҥхо дойдута буоларын бигэргэтэр кэрэ көстүүлээх, баай ис хоһоонноох түһүлгэни олохтуур туһунан санаата саҕыллан, идиэйэтэ олоххо киирэн, киһи кута-сүрэ тохтуур, айан дьонугар алгыс буолар кэрэ сир олохтонно. Айан аартык дойдубут ис хоһоонун киэҥник билиһиннэриэхтээх, кэрэ эйгэҕэ үктэннэриэхтээх диэн култуура салайааччыта буолан санаабын этэн, көрөрбүн ойуулаан таһаарбыппын уран тарбахтаах уустар Үөһээ Бүлүүттэн Николай Михайлов, Сунтаартан Егор Петров, эскиһин Николай Чоччасов айан тутан таһааран улуус дьаһалтата, улуус сайдыытын туоһулуур пуонда, «ФРСУ Капитал проект», «Вимстрой», «Саха сталь» тэрилтэлэр көмөлөөн олоххо киллэрдилэр.

Кэрэ көстүү сүрэхтэниитигэр улууспут нэһилиэктэрин баһылыктара, чугастааҕы нэһилиэктэр үгүстэрэ кыттыыны ылан үөрүүнү үллэһиннилэр. Бу ытык сир  айан дьонун, мааны ыалдьыттары эҕэрдэлии көрсүөҕэ, алгыһынан атаарыаҕа, туох баар үтүөнү эрэ ыралыаҕа. Улууспут баһылыга инникигэ маны өссө киэҥ ис хоһоонноон кэҥэтэн, ситэрэн-хоторон биэриэхпит, күрүөлүөхпүт диэн былаана киэҥ. Бука дойдубут дьоно, айаннньыттар ытык сирбитин харыстааҥ, кэрэ эйгэнэн толоруҥ, — диэн кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: