«Сунтаар — Олоҥхо дойдута»

Share

Сунтаар улууһун  күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, «Сунтаар — Олоҥхо дойдута» диэн улуус тумулук  туттар дьонун, үйэлээх үлэлэрин тустарынан 7 туомнаах көмүс серия сүрэхтэниитэ буолла. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бу хамсааһын 2017 сылтан саҕалаан, сыл ахсын баччаларга, бастыҥ кинигэни бэчээттээн таһаарар үтүө үгэскэ кубулуйда. Быйылгы тахсыы Сергей Зверев — Кыыл Уолун 125 сылыгар анаан олус элбэх чинчийиилэр-үөрэтиилэр ыытылыннылар.

Сэргии истибиппит диэн норуот ырыаһыта 54 айымньылааҕын билэр буоллахпытына, бэчээккэ тахсыбатаҕын ааҕан туран, барыта 109 улахан айымньылааҕын бэлиэтээтилэр.

Быйылгы серия сүрүн уратытынан кинигэлэртэн биирдэстэрэ улуус 7 Дьоруойдарыгар ананна. Биэс Үлэ Дьоруойа уонна анал байыаннай дьайыыга дьоруойдуу  быһыыны көрдөрбүт хорсун уолаттарбыт киирдилэр.

Улуус духуобунай нэһилиэстибэтин бүтүннүүтүн түмэн үйэлээх үлэни улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна улуустааҕы депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова көҕүлээн ыыталлар.

@suntaar_ulus
@suntaar_ulus
@suntaar_ulus
@suntaar_ulus
@suntaar_ulus
@suntaar_ulus
@suntaar_ulus
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago