Быйыл Сунтаар улууһун үрдүнэн оскуола үөрэнээччилэригэр сахалыы моһуоннаах биир кэлим таҥас олохтонно. Үгүс сиргэ кылааһынан биирдик таҥнар буоллахтарына, Сунтаарга бары үөрэнээччи.
Бэнидиэнньик күн, сарсыарда Дойду уонна Саха сирин өрөгөй ырыата Сунтаар бары оскуолаларыгар дуорайар. Эһиги иннигитигэр лиссиэй 9 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ. Биир бастакынан сахалыы моһуоннаах биир кэлим таҥаһы ылан толору таҥнан үөрэнэллэр уонна тэрээһиннэри киэргэтэллэр. Бу саас анал идэлээхтэр ойуулаан, чочуйан, сакаастаан, тиктэрэн таһаарбыт үс көрүҥнээх таҥастара балаҕан ыйыттан атыыланан, тарҕанан хаһаайыттарын булаллар. Сахалыы тыыннаах биир кэлим таҥастары улуус дьаһалтата, үөрэҕирии салалтата «Туйгун» тэрилтэни кытта олоххо киллэрдилэр.
Билигин улуус үрдүнэн 5000 кэриҥэ таҥас тарҕанар. Оскуола таҥаһа сүһүөхтэринэн арахсар, 1-4 кылааска диэри ыстааннаах сэлиэччик уонна сараппаан, 5-8 кылааска диэри бүрүүкэлээх, уол оҕо сахалыы соно уонна кыргыттарга кэһиэччик, 9-11 кылааска диэри бүрүҥкэлээх эр киһи оноолоох соно, онтон кыргыттарга сахалыы быһыылаах көстүүм.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…