Сунтаар пааркатыгар мэҥэ тааһы уурдулар
Бэҕэһээ Сунтаарга историческай суолталаах бэлиэ күн буолла. Ол курдук, улуус баһылыга Анатолий Григорьев көҕүлээһининэн, идиэйэтинэн устуоруйа кэрчик кэмнэрин кэпсиир мэҥэ таас турда диэн улуус дьаһалтата иһитиннэрдэ.
4 туонна ыйааһыннаах үйэлээх тааһы Бүлүү эбэ туонатыттан аҕалан олохтоохтук уурдулар. Ыраах сиртэн тааһы аҕалыыга улуус дьаһалтатын иһинэн үлэлиир МАУ «АТП» тэрилтэтин салайааччыта Антон Кузьмин уонна Александр Матросов үлэлээтилэр. Тиэйтэрэн аҕалыыга ЖКС тэрилтэтэ техниканан көмөлөстө.
Маннык баараҕай тааһы булуу-талыы манан дьыала буолбатах. Дьэ, хантан булбуттарый? Бу тааһы улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Николай Александров оҕо сылдьан таба көрбүт, сүгүрүйэр тааһа буолар. Кини элбэхтик булка, балыкка сылдьан, хараҕын далыгар илдьэ сылдьыбыт харыстыыр тааһа дьон көрүүтүгэр туруохтаах диэн бигэ эрэллээх. Дьиктитэ диэн, тааһы түһэрэллэригэр оруобуна туруохтаах хайысхатынан таба түстэ. Онон мэҥэ таас миэстэтин бигэтик, сөптөөхтүк булла диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Устуоруйа кэрэһитэ — үйэлэргэ кэрэхсэнэ турдун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: