Сахас сиригэр ааспыт сууккаҕа 9 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.
Уус Алдан оройуонун Дыгдал сэлиэнньэтигэр эр киһини өлөрбүттэр, 1979 с.т. уорбаланааччы тутулунна.
Дьокуускай уонна Хаҥалас оройуоннарыгар 4 баан счетуттан уопсайа 3,9 мөл. солк. тахса суумалаах үп-харчы уоруллубутун туһунан иһитиннэрдилэр. Дьокуускай куоракка бааһынай хаһаайыстыба баһылыгыттан уонна бибилэтиэкэ үлэһититтэн түөкүттэр 1,1 мөл. солк. харчыны уорбуттар.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар наркотигы сокуоннайа суох эргинии тохтотулунна.
Сунтаар оройуонун Элгээйи сэлиэнньэтигэр гарааска 1985 с.т. эр киһи өлүгэ булулунна. Эр киһи массыына иһигэр үгээрдээн тыына быстыбыта билиннэ.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана регистрацияламматах.
Ленскэйгэ саахал тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Быһылаан түмүгэр «Тойота- Чайзер» суоппара 1973 с.т. дьахтары түҥнэри көппүт. Эмсэҕэлээччини балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Суукка иһигэр итирик туруктаах 4 суоппар тутулунна.
Бүлүү улууһун «Бүлүү Харысхал» хамсааһына бу сылга үктэнэн баран үһүстээн нэһилиэнньэттэн аахсыйа быһыытынан тоҥ ас…
Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар мобильнай төлөпүөнү уорбуттарын туһунан олохтоох киһиттэн сайабылыанньа киирбит. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…
Дойду Бырабыыталыстыбата байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр уонна кыттааччыларыгар анаан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга граннары биэрэр «Агромотиватор» бырагырааманы…
Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барыан баҕалаах гражданнар ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр буолуохтаахтар: 18 саастарыттан үөһэ үчүгэй доруобуйалаах уонна физическэй бэлэмнээх…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 21 күнүгэр видео-сибээһинэн Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлин Си Цзиньпины…
Нам улууһун Тумулугар тохсунньу 22 күнүгэр саҥа оскуоланы үлэҕэ киллэрдилэр. Оскуола үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен…