Сунтаар улууһугар икки нэһилиэк баһылыгын талыахтара
Олунньу 16 күнүгэр былааннаммыт муниципальнай быыбардарга хандьыдааттары туруоруу уонна регистрациялааһын түһүмэҕэ бүтүөр диэри үс эрэ күн хаалла.
Олунньу 16 күнүгэр Сунтаар улууһун икки нэһилиэгэр: Элгээйи уонна Илимниир нэһилиэктэригэр (Сунтаар сэл.) баһылыктары болдьоҕун иннинэ талыахтара.
Быыбары тэрийэр хамыыһыйалар боломуочуйаларын 506-с №-дээх (бэрэссэдээтэл С.Н. Прокопьева) уонна 519-с №-дээх (бэрэссэдээтэл Н.И. Андреева) учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга сүктэриллэр диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр.
Сунтаардааҕы ТИК бэрэссэдээтэлэ Наталья Яковлева иһитиннэрбитинэн, хандьыдааттары туруоруу уонна регистрациялыырга докумуоннары туттарыы түһүмэҕэ тохсунньу 6 күнүгэр түмүктэммит.
Элгээйи да, Илимниир да нэһилиэктэригэр баһылыктары талыы быыбарыгар 2-лии хандьыдаат регистрацияламмыт. Хас биирдии нэһилиэктэн биирдии хандьыдааты «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа туруорда, оттон икки хандьыдаат бэйэлэрэ туруоруннулар.
Элгээйигэ быыбардааччы ахсаана – 1180, оттон Илимнииргэ – 160 киһи.
Быыбар бары процедуралара быыбар сокуонугар сөп түбэһиннэрэн ыытыллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: