Ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаар улууһун алын сүһүөх оскуолаларын үөрэнээччилэрин кытта баһылык Анатолий Григорьев үтүө үгэскэ кубулуйбут сылын ахсын ыытыллар көрсүһүүтэ буолан ааста.
Манна барыта 20 оҕо ыҥырыллан кыттыыны ылла. Олор истэригэр бааллар: үөрэххэ, спортка үрдүк ситиһиилээх, араас таһымнаах научнай конференцияларга, куонкурустар кыайыылахтар уонна призердар.
Үөрүүлээх тэрээһин 4-с кылаас үөрэнээччилэрин байыаннай ырыаларынан саҕаланна. Салгыы Анатолий Григорьев бастыҥ үөрэнээччилэри, ситиһиилэрин бэлиэтээн туран, наҕараадалаата, анал бэлэх туттарда. Ол кэннэ Күндэ аатынан Кутана орто оскуолатын 4 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Александров Дамир олоҥхо эпическэй остуоруйатыттан быһа тардыыны туойан иһитиннэрдэ. Үөрэх салалтатын салайааччыта Борис Васильев үөрэнээччилэргэ ситиһиилэрин иһин махтанан эҕэрдэ тылын эттэ.
Көрсүһүү биир саамай дьоһуннаах түгэнинэн аһаҕас кэпсэтии буолла. Оҕолор баһылыкка интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр, оттон баһылык хас биирдии боппуруоска аһаҕастык хоруйдаата. Ол курдук, Анатолий Григорьев оҕо эрдэҕинэ ханнык куруһуокка сөбүлээн сылдьыбытын, оскуолаҕа ситиһиилэрин, Кэмпэндээйигэ туризм сайдыытын, Сунтаарга Лесной муостатын өрөмүөнүн, уонна да атын дьоһуннаах ыйытыктары биэрдилэр. Ону таһынан оҕолор ыллаан, хоһоон этэн, бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Түмүккэ Анатолий Григорьев оҕолор саҥа билиигэ дьулуһа, ситиһиилэринэн үөрдэ туралларыгар баҕарда.
Бу кэннэ соһуччу остуоруйа дьоруойа киирэн, оҕолору «Үөрүү автобуһугар” ыҥырда. Үөрэнээччилэр «Тещин язык» туристическай базаҕа сылдьан, сибиэһэй салгынынан тыынан, оонньоон-көрүлээн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Бу күн кинилэргэ умнуллубат ураты түгэнинэн буолла.
Улуустааҕы үөрэх управлениета
Горнайга Мытаах олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга хаххалыыр сиэккэни оҥорууга көхтөөхтүк кытталлар. Уопсайа 15-тии…
Аныгы үйэҕэ күннээҕи олохпутугар туох буортулааҕын, киһи этигэр-сиинигэр хайдах дьайарын биллэхпитинэ, быһаарыстахпытына эрэ, бэйэбит уонна…
Биир аҕа билэр дьахтарыттан кыыспын оскуолаттан тоһуйан дьиэтигэр атаар диэн көрдөспүт. Дьахтар кыыһы кытта дьиэ…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун лиссиэйигэр Устудьуон күнүн бэлиэтиир олус үчүгэй тэрээһин буолла. Онно оскуола үрдүкү кылааһын…
Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ сэттэ олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээбит. Түөкүттэр уопсайа 5,2 мөл. солк. тахса сууманы сойбоппуттар.…
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар "Аһыма – дьолбут уйата" тэрээһин чэрчитинэн ("Горнай түмсүү" сал. Н. Федорова) бэртээхэй…