Сунтаар уола Владивостокка параадка кытынна

Share

Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгэр биир үөрүүлээх сонун, киэн туттуу түгэнэ — Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө буолла.

Ол курдук киэҥ Арассыыйа Владивосток куоратыгар ыытыллыбыт — Байыаннай параадка биһиги нэһилиэк, улууспут киэн туттар спортсмен уола Ньургун Иванов модун тиэхиньикэни анал оҥоһуулаах Т — 80 Б тааҥканы параадка ыытан кытынна. Өссө үөрүүлээҕэ, Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин киин ханаалыгар олус үчүгэйдик Ньургун тааҥка ыытан иһэрин аатын ааттаан туран толору көрдөрдүлэр.

Хаартыска Павел Кырелов тиксэриитэ
Хаартыска Павел Кырелов тиксэриитэ

Ньургун былырыын 2023 сыл бэс ыйыгар сулууспатын Владивосток куоракка Тиихэй акыйааннааҕы байыаннай муоратааҕы флотун сатыы сэриитин байыаһынан сулууспатын саҕалаабыта.

Кыра эрдэҕиттэн тиэхиньикэҕэ сыстаҕас буолан улахан массыына ыытар баҕатын толорон Төҥүлүгэ суоппар үөрэҕэр үөрэнэн бүтэрээт, билиҥҥи уустук кэмҥэ аармыйаттан саһа-куота сатаабакка байаҥкамаатка тиийбитэ.

Ньургун ийэтэ Татьяна Иванова Сиэйэ нэһилиэгиттэн төрүттээх, нэһилиэкпитигэр биэлсэринэн үтүө суобастаахтык үлэлиир, аҕата Геннадий Иванов эмиэ араас тимир көлөҕө сыстаҕас суоппар, тырахтарыыс бэрдэ, урбаанньыт. Ньургуну кыра эрдэҕиттэн сиэтэ сылдьан тиэхиньикэҕэ, булка-алтка үөрэппитэ. Ол да иһин тыһыынчанан механик танкистартан үчүгэйтэн үчүгэйдэр, чулууттан чулуулар эрэ талыллан,  Байыаннай параадтарыгар кыттыыны ыллаҕа.
Ньургун ийэлээх аҕатыгар уолларын көнө сүрүннээх, бары үлэҕэ сыстаҕас уолу иитэн таһаарбыттарынан итии истиҥ эҕэрдэ буоллун, сулууспатын этэҥҥэ түмүктээн дьиэтигэр кэлэр үөрүүлээх күнүн долгуйа кэтэһиэҕиҥ.

Павел Кырелов, Дьаархан

What’s your Reaction?
+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Алексей Еремеев: «Социальнай эбээһээтэлистибэбитин үбүлээһини оннунан хааллардыбыт»

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…

1 час ago
  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

2 часа ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

5 часов ago