Сунтаардар быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоннорун дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр
Быстах байыаннай хомуурга барбыт биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр тэрилтэлэр тиһигин быспакка көмөлөһө олороллор.
Өрөспүүбүлүкэ Олоҕун-дьаһаҕын коммунальнай хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ онтон туора турбат. Оройуоннардааҕы, куораттардааҕы салаалара эмиэ үтүө дьыалаҕа кыттыһаллар. Ол курдук олох-дьаһах хаһаайыстыбатын Сунтаардааҕы филиалын кэлэктиибэ дойдуларын көмүскүү, мобилизацияҕа барбыт биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөллөр.
Ааспыт нэдиэлэҕэ 7-с №-дээх хочуолунай өрөмүөннүүр бөлөҕүн уонна административнай-салайар блогун үлэһиттэрэ быстах хомуурга барбыт биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр муус ылан, кыстыгы этэҥҥэ туоруулларын хааччыйдылар. Барыта түөрт ыалга муус ылан, тиэйэн биэрдилэр.
Манна эбэн этэр буоллахха, Сунтаардааҕы ОДьКХ үлэһиттэрэ алтынньыга гараас туттан иһэн мобилизациянан суһаллык барбыт биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэнигэр тутууну ситэрэн-хоторон биэрэн, улахан көмөнү оҥорбуттара. Сылаас гараастанан, билигин ийэлэрэ бэйэтэ оҕолорун оскуолаҕа, оҕо уһуйааныгар массыынанан таһан абыранан, махталын биллэрэр.
Итини сэргэ, Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата тэрийбит анал байыаннай хомуурга барбыт дьоннорун дьиэ кэргэттэригэр мас мастаан, кыстыгы көрсөр үлэҕэ-хамнаска көхтөөхтүк кыттыбыттара. Үтүө дьыала түмүгүнэн, ОДьКХ үлэһиттэрэ алта массыына оттук маһын бэлэмнээн, икки дьиэ кэргэҥҥэ уонна соҕотоҕун олорор кырдьаҕастарга тиэйэн биэрбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: