видеоттан скрин
Сааскы халаан уутун ыытыыга, кыс устата мунньуллубут бөҕү-сыыһы хомуйууга о.д.а. үлэлэри ыытыыга Сунтаар улууһун тэрилтэлэрэ Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө күргүөмнээх субуотунньукка таҕыстылар.
Быйыл хаар элбэх буолан халаан уута толору. Маны бохсор сыалтан ханаабалары муустан босхолоотулар, ыраастаатылар, ууну ыыттылар. Албан аат болуоссатыгар ууну оботторон барыахтаах сиригэр ыыттылар. Уонна Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнэн тыылга хаалбыт оҕолоох ийэҕэ анаммыт өйдөбүнньүк пааматынньыгын саҥартылар.
Оттон ыһыах түһүлгэтигэр тиийэн кэллэххэ улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ маһы суулларан, оттук маһы бэлэмнээтилэр. Манна улуус 26 нэһилиэгин ураһалара тутуллуохтара, анал түһүлгэлэрэ төрүттэниэҕэ. Бу күн култуура үлэһиттэрэ үлэһит дьону уруйдаан бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтилэр.
Тускулаана Горохова-Кобельянова
Айылҕаҕа, тыаҕа сырыттахха олоххо киһи үөйбэтэх өттө ардыгар буолуон сөп. Мантан сайын сир аһын кэмигэр…
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иитиннэрбитинэн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх полиция салаатыгыр мэдиссиинэ…
Горнай улууһугар Атамайга бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин күнүгэр анаммыт «Наши герои – наша гордость» диэн улуустааҕы…
Аҕыйах хонуктааҕыта Никита кынатын кэбирэппит тураах обургу оҕотун булан, быыһаан киһи илиитигэр түргэнник үөрэппит. Никита…
Тааттаҕа XXII "Манчаары оонньуулара" буолара ахсааннаах күн хаалла. Бу далааһыннаах тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии хайдаҕын дьүүллэстилэр. Тэрээһин…
Ый икки самыырдаах. Ый бүтүүтүн эргин от сыырар (сиэмэтэ көтөр) тыала түһэр. Ый алтыһыыта суох.…