Сунтаардар хорсун уолларынан киэн тутталлар

Сунтаардар хорсун уолларынан киэн тутталлар

10.08.2023, 20:09
Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Украина Сэбилэниилээх күүстэрин колоннатын урусхаллаабыт «Алеша» тааҥка экипаһыгар өссө биир саха уола, мэхээнньик-суоппар Филипп Евсеев баара, кинини үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэриэххэ наада диэн иһитиннэрии социальнай ситимҥэ тилийэ көппүтэ.

Оттон бүгүн саха хорсун уолун үрдүк наҕараадаҕа түһэрэргэ Ил Дархан Айсен Николаев этэн, байыаннай управление туһааннаах уорганнара Филипп Евсееви үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэрэргэ сорудах ылбыттарын туһунан үчүгэй сонун кэллэ, уол төрөөбүт дойдутун, Сунтаарын дьоно-сэргэтэ үөрүүлэрэ үксээтэ. Филипп Евсеев киирсии кэмигэр мэхээнньик-суоппар быһыытынан экипаж састаабыгар баар эбит, ол кэнники чуолкайданна.

Дьон интэриэһиргээн ыйыталаһарынан сиэттэрэн Сунтаар уонна Күндэйэ сэлиэнньэлэрин баһылыктарын кытары уолларын, Филипп Евсеев, туһунан кэпсээтилэр.

Иван Константинов, Күндэйэ нэһилиэгин баһылыга:

— Биһиги уолбутунан киэн туттабыт. Кини биһиги нэһилиэкпититтэн төрүттээх, аҕата Күндэйэ төрүт олохтооҕо этэ. Оҕо сааһа манна ааспыта. Улаатан иһэн дьонноро Сунтаарга көһөн, онно олохсуйбуттара. Элгээйи кыыһын кэргэн ылан үс оҕолоохтор. Байыаннай дьайыыга былырыын балаҕан ыйыгар мобилизацияланан барбыта. Манна аймахтара элбэхтэр, онон уолбут туһунан билэ-көрө олоробут. Бэҕэһээ аатырбыт «Алеша» тааҥка экипаһыгар биһиги уолбут баарын, киниэхэ үрдүк наҕарааданы туруорсалларын туһунан сонун тарҕаммыта. Нэһилиэк, улуус олохтоохторо уолбут хорсун быһыытынан киэн туттабыт уонна үчүгэй сонуну долгуйа кэтэһэбит. Олус сэмэй, хорсун, дьоруой уоллаахпытыттан сүргэбит көтөҕүллэр. Таарыйа эттэххэ, биһиги нэһилиэкпититтэн мобилизациянан биир уол, хантарааҕынан үс уол байыаннай дьайыыга кытта сылдьаллар. Уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьаннар, түргэнник эргиллиэхтэрэ диэммит эрэнэ күүтэбит.

Эдуард Филиппов, Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга:

— Биһиги Филиппит элбэх оҕолоох Евсеевтэр диэн ыалга төрөөбүтэ. Дьиэ кэргэнинэн эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах дьон. Байыаннай дьайыыга барыан иннинэн Филипп биһиэхэ «Сунтаар» муниципальнай автономнай тэрилтэҕэ суоппар-мэхээньигинэн үлэлээбитэ. Олус сэмэй, үлэһит, киһи киһитэ. Аҕата Күндэйэттэн төрүттээх буолан, оҕо сылдьан онно олорбута, онтон Сунтаарга көһөн кэлбиттэрэ. Ийэтэ Сунтаар бэйэтэ этэ. Манна кэргэнэ уонна оҕолоро бааллар, икки кыыс уонна уол. Байыаннай дьайыыга быстах хомуурга бастакынан ыҥырыллан барбыта. Уолаттарбытын кытары мэлдьи сибээстэһэ турабыт. Биирдэ Филипп өр сүтэн хаалбытыгар аймахтарын кытары сибээстэһэн, Украина Сэбилэниилээх күүстэрин колоннатын урусхаллааһыҥҥа кыттан, бааһыран, госпиталга сытарын истибиппит. Оттон «Алеша» тааҥка экипаһын наҕараадаҕа түһэрбиттэригэр биһиги уолбут аата суоҕуттан олус хомойбуппут. Биһиги уолаттарбыт хорсун быһыыларын туһунан дьиҥэр эрдэ истибиппит. Бииргэ сулууспалыыр уолаттара кэпсээбиттэринэн, Филипп бу түбэлтэ да иннинэ, тааҥкатынан киирэн кыргыһыы хонуутуттан хаста даҕаны табаарыстарын хомуйтаан, быыһаан таһаартаабыт этэ. Ол уонна колоннаны урусхаллааһын туһунан бойобуой доҕотторо кэпсииллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Филипп икки эһэтэ иккиэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, сэрии бэтэрээннэрэ этилэр. Ийэтин аҕата Николай Михайлович Ващенко Аҕа дойду сэриитигэр 2-с Украинскай сэриигэ, оттон аҕатын аҕата Филипп Андреевич Евсеев Японияны кытары сэриигэ кыттыбыт хорсун буойуттар. Филиппит эһээлэрин курдук хорсун-хоодуот быһыыны көрдөрбүтүн истэн биһиги, сунтаардар олус үөрдүбүт, киэн туттабыт. Уолбут олус сэмэй, ол иһин кэпсэнэ сылдьыбат, хата, бииргэ сылдьар уолаттара, доҕотторо туруорсаннар наҕараадаҕа түһэрилиннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: