Сунтаардар мобилизацияламмыт дьонноругар харчынан көмө оҥордулар
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Сунтаартан быстах хомуурга барбыт уолаттар каарталарыгар 50-нуу тыһыынча солкуобайы ыыттылар диэн сурах тарҕанна. Бу туһунан улуус баһылыга Анатолий Григорьев:
— Байыаннайдар дьиэ кэргэннэрин өйүүр сыалтан Сунтаар улууһун дьаһалтата социальнай көмө миэрэлэрин олохтоото. Ол иһигэр сир учаастагын арендатыттан, төрөппүт хомуурга хабыллан сулууспалыыр кэмигэр уһуйааҥҥа сылдьар оҕолоро усунуостан, улуус иһигэр уопсастыбаннай тырааныспарыгар бырайыас төлөбүрүттэн босхолоноллор итиэннэ оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро босхо аһылыгынан хааччыллар. Маны таһынан биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллуоҕа. Бу күннэргэ мобилизацияламмыт дьоммут каарталарыгар 50 000 солкуобайы ыыттыбыт. Билигин быстах хомуурга түбэспит уолаттарбыт Хабаровскай кыраайга уонна Улан-Удэ куоракка байыаннай бэлэмнэниигэ сылдьаллар, — диэн иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: