Сунтаардар олоҥхолоруттан сылаас иэйиигэ куустардым
Олоҥхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол курдук, 2005 сылтан сэтинньи 25 күнэ Саха Сиригэр Олоҥхо күнүнэн билиниллибитэ.
Бу кэм устата киэҥ хабааннаах үөрэтэр-сырдатар, олонхону сайыннарар араас үлэ ыытылынна, элбэх олонхо сурукка-бичиккэ киирдэ, кинигэ буолан таҕыста. Сыл аайы бары улуустарга Олоҥхо нэдиэлэтэ бэрт сэргэхтик, ис хоһоонноохтук бэлиэтэнэрэ үтүө үгэс буолла. Билигин 150-тан тахса олоҥхо бэчээттэнэн үйэтилиннэ, ону ааһан олонхо 10 араас тылынан саҥардылынна. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 300-тэн тахса олоҥхоһут баара биллэр.
Бу күннэргэ Сунтаарга ыалдьыттыы сылдьан С.Зверев-Кыыл Уола «Кулан Кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотун оскуола оҕолоро туруорбуттарыгар түбэһэммин үрдүк дуоһуйууну ыллым. Кырдьык да, Сунтаар Олоҥхо дойдута буоларыгар итэҕэйдим. Бу олонхотун С.Зверев Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Ньурбатааҕы холкуоһунай тыйаатырга туруоран, дьон биһирэбилин ылбыта биллэр. Олоҥхону үөрэтээччи анал эспэдииссийэлэр бигэргэппиттэринэн, Сунтаар сиригэр-уотугар 174 олонхоһут төрөөн-үөскээн олорон ааспыта чопчуламмыт. Сунтаар олоҥхоһуттара ырыатын-тойугун кыайа туталлара былыр-былыргыттан уос номоҕо буолбут.
Аныгы кэмҥэ сунтаардар олоҥхо үгэстэрин оҕолорго уһуйар кэскиллээх үлэни ыыталлар.
Бу «Кулан Кугас аттаах Куллустай Бэргэн» диэн олоҥхо 65 оҕо кыттыылаах туруоруллан дьон биһирэбилин ылла, аныгы оҕолорго тиийимтиэ буоллун диэн мюзикл хабааннаах турбут, онон олонхо үгэстэрин тутуһан туран ырыата-үҥкүүтэ дэлэй. Олус бэркэ Орто дойду дьоллоох олоҕун сир симэхтэрэ — эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор үҥкүүлэрэ толору биэрдэ. Бу манна аныгы дьон сиэринэн тыас-уус, уот-күөс барыта дьүөрэлэһэн, ойуу-оһуор мандара көстөн Аал Луук мас тула сахалыы тыын тэнийдэ. Олоҥхоһут уол (Алгыстаан Тен) Кимэн Килэдимэ Хотун, Куллустай Бэргэн, Күн Нуоҕалдьын олохторун туһунан олоҥхотун лабыгыраччы саҥаран саҕалаата, орто дойду кэрэтин, үөһээ айыыларбыт олохторун хоһуйан тойук туойан энээриттэ. Көрөөччүлэр «Ноо!» диэн уоттаах-күөстээх номоҕу истээри, олоҥхоһуту көҕүтэн биэрдилэр. Куллустай Бэргэн (Дэвид Васильев) балтын Күн Нуоҕалдьыны (Күннэй Амбросьева) сүтэрэн, алараа дойду абааһыларын ир суолларын ирдии, тор суолларын тордуу барарыгар аал-уотун аһатан, көрдөһөн-ааттаһан амалыйар. Бу маны барытын оҕолор тойугунан толордулар. Уот иччитэ Хатан Тэмиэрийэ (Айсен Николаев) үөрэн күүдэпчилэннэ. Ол курдук, сыана уот кыымнарынан, төлөнүнэн туолла, тэтимнээх үҥкүү уот суоһун толору биэрдэ.
Хаһан баҕарар буоларын курдук, олоҥхобутугар аллараа дойду ааттаахтара уонна Орто дойдубут уолан дьоно сир үрдүгэр сырдык олохтонорун туһугар, дьол туһугар харсыстылар. Хабараан хапсыһыыга Үрүҥ уолан — Уоланчай бухатыыр тыына быстыбытыгар көмөҕө Кулан Кугас аттаах Куллустай Бэргэн кэлэн, хара дьайдаах аллараа дойду абааһыларын кыйдаата. Мэҥэ уутун Уоланчай бухатыырга утары уунан, кини сырдык тыынын быыһаата. Ол кэннэ эдэр дьон Күн Нуоҕалдьына (Күннэй Амбросьева) уонна Уоланчай бухатыыр (Денис Торговкин) таптаһан истиҥ иэйиигэ куустаран ыал буоллулар, уруу-аймах тэниттилэр, Аан Алахчын (Анна Кузьмина) алгыһын ыллылар. Оҕолор барахсаттар олус бэркэ оһуохайдаатылар, ол барыта аныгы тиэхиньикэ көмөтүнэн үс дойду туонатыгар тэнийдэ. Дьон-сэргэ дьоллоох олоххо талаһыыта, ыра санаата туолла, оҕо-аймах кыһалҕата суох күөх окко күөлэһийэ оонньоото. Төһө да куттал суоһаатар, ыар дьаҥ-дьаһах ыалластар, кыахтаах дуолан дьоннордоох күүстээх көҥүл санаалаах саха дьоно тэмтэрийэн биэрбэттэр, сүппэттэр-симэлийбэттэр, өрүү кэрэҕэ, сырдыкка тардыһаллар диэн ис хоһоонноох бу олонхо ыччаттарбыт куттара-сүрдэрэ бөҕөргүүрүгэр, сүргэлэрэ көтөҕүллэригэр, тойуктарыгар куоластара чөллөрүйэн, сахалыы ийэ тылларынан сайаҕастык санааларын этинэллэригэр үтүө үгэс буолан, үрдүк сыанаттан дорҕоонноохтук кутуллара олус бэрт.
Бу олоҥхону аҕыйах ый иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ режиссер Татьяна Заровняева уонна бырайыак салайааччыта, С.Зверев аатынан улуустааҕы Норуот айымньытын киинин фольклорга салаатын үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Туйаара Алексеева туруордулар. Үҥкүүлэри хореографтар Надежда Чжан, «Түһүлгэ» норуодунай бөлөх салайааччыта Матрена Лазарева туруордулар.
Олоҥхоҕо кыттыбыт оҕолор оонньуулара сырыы аайы чочуллуо, куоластара чөллөрүйүө, өссө өйтөн ааҕыыларын, хоһуйууларын хорсуннук киллэрэн иһиэхтэрэ диэн эрэллээх, эһиги талааҥҥытыгар сүгүрүйэ, сөҕө-махтайа, сүрэхпэр сылаас иэйиини илдьэ хааллым.
Бу курдук, бары оскуолалар оҕолору тыйаатыр эйгэтигэр сыһыаран, оонньуур, өйдөрүгэр-санааларыгар кэрэни оҥорон көрөр дьоҕурдарын сайыннаран, ийэ тылынан саҥардары ситиһэргит тоҕоостоох.
Антонина УСКЕЕВА, Сунтаар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: