Саха сирин үрдүнэн алгыстаах ыһыахтар үөрүү-көтүү, эрэл санаа, кыайыы-хотуу көтөллөнөн бу күөйэн кэллилэр. Сунтаар дьонугар-сэргэтигэр ыһыах — олох үтүө үгэһэ, сиэрэ-туома, утум салҕаныыта. Оттон оһуокай, тойук — Сунтаар киһитин тулхадыйбат сүрэ.
Бу куту-сүрү дириҥник иҥэриммит киһинэн Мария Ивановна Егорова буолара. Норуот кинини Тойуктаах Маарыйанан сүрэхтээбитэ. Маарыйа 2-с Дьархан нэһилиэгэр, Чуукаар Түбэтигэр ыам ыйын ортото төрөөбүтэ. Чуука – эбээннии “саҥа быкпыт күөх от” диэн суолталаах. Онон Маарыйабыт күөх от үктэллээх, кыптый кыбыныылаах кыыс оҕо буолан күн сирин көрбүт эбит. Оскуолатааҕы сыллара сэрии аас-туор кэмигэр түбэһэн, аччыктааһыны, өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүтэ, эрэйи-муҥу ааспыта.
Оскуоланы бүтэрэн, аһыыр-таҥнар туһуттан, үлэ көрдөөн Хадан сирин булбута. Дьолугар эбит. Манна тапталын Баһылайы көрсөн, ыал буолан аал уоту оттубуттара. Эдэр дьон маҥнай утаа биһиги дьоммутугар, сэрии кыттыылааҕа Ефрем Николаевич Семеновтаахха дьукаах олорбуттар. Ефрем кэргэнэ Сунтаар дорҕоонноох тойуксута Ксенья Попова этэ. Кини эдэр Марияҕа тойукка дьиэтээҕи уһуйаанынан буолбута. Сэбиэскэй кэм саҕана Ксенья Попова тойуктарын, эр киһилии суон куолаһын, өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан хам-тум иһитиннэрэр буолаллара. «Саха тойуга маннык диэх курдугу мин Ксеньяттан бастаан истибитим», — диэн миэхэ Мария Ивановна иллэрээ сыллааҕыта Сунтаарга көрсөрбөр кэпсээбитэ.
Мария Ивановна — Маанылаах Далбар Хотун. Кини Сунтаар улууһун Ытык киһитинэн буолар. Бу 90 сааһыгар дылы оҕолуу сэргэх, үөрүнньэҥ, аныгы олох түргэн тэтимиттэн харыс хаалсыбакка үгүс тэрээһиннэргэ кыттан, ыҥырыллан сүүрэ-көтө сылдьарын сөҕө көрбүтүм. Ыһыах – Тойуктаах Маарыйа олоҕун улахан олуга. Баччаларга кини — киэҥ түһүлгэлээх оһуохайдьыт, доллоһутар тойуксут, аман өстөөх алгысчыт, олоҥхону толорооччу, сиэри-туому ситэрээччи, тэрийээччи, кырылыы кыынньар кымысчыт бэрдэ, саҥа таҥаһын саталлаах иистэнньэҥэ.
Мария Ивановна: «Бу орто дойдуга баҕа санаабын толорон, олорбут олохпунан толору дьолломмут киһибин» диэн астынан билиммитэ баар. Онтон быйыл, Сунтаар ыһыаҕар, ордук саастаах өттүбүт Тойуктаах Маарыйа дорҕоонноох тойугун, киэҥ-холку көрүҥүн, кэрэ сэбэрэтин, истиҥ иһирэх саҥатын, сүрү көтөҕөр сүбэтин-аматын сүтүктээн суохтуохпут, саҥата суох.
Валерий Михайлов, Дьокуускай к.
Бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 16 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар «Саха» ГТРК «Россия…
Сахастат дааннайдарынан 2024 сыл тоҕус ый түмүгүнэн Саха сирин тэрилтэлэригэр балаҕан ыйыгар орто хамнас 103,2…
Бу күннэргэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр сейсмическэй сир хамсааһына бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Геофизическай сулууспатын Саха…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 6 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Киин куоракка 1993 с.т. улаханнык эчэйэн…
“Айыы кыһата” оскуола оҕолоро суруйааччы, суруналыыс Ангелина Васильеваны-Дайыынаны кытта көрүстүлэр. Кини оҕолорго аналлаах “Аптаах таас”…
Ахсынньы 14-15 күннэригэр Намнааҕы култуурунай-спортивнай комплексыгар ыытыллыбыт сылы түмүктүүр СӨ гиирэ успуордун Федерациятын Куубагын түмүгэ…