Сунтаардар Владивостокка, Уссурийскайга тиийдилэр

Share

Бассаапка Сунтаар улууһун баһылыга Уссурийскайга тиийэн,  быстах хомуурга ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарын көрсүбүт видеота тарҕанан,  үгүс киһи сэҥээрдэ.  Ол курдук,  бэҕэһээ, алтынньы 13 күнүгэр, Владивосток куоракка  Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев салайааччылаах  дэлэгээссийэ тиийдэ.

Бэҕэһээ лаппа хойут, Анатолий Васильевиһы кытары сибээскэ тахса сылдьыппытыгар, маннык кэпсээтэ:

-Биһиги   мобилизацияламмыт  дьоммут   хайдах сылдьалларын миэстэтигэр тиийэн билсэр, көрөр-истэр сыаллаах кэллибит. Итиэннэ уолаттарга кинилэр дьонноро, улуус уонна  уопсастыбаннай түмсүүлэр хомуйбут көмөлөрүн аҕалан туттардыбыт. Бу күннэргэ «Арассыыйа ийэлэрэ» түмсүү Сунтаардааҕы салаата, элбэх оҕолоохтор түмсүүлэрэ, уопсастыбаннай палаата  аахсыйалары тэрийэн,  улуус дьоно баҕа санааларынан  түмэн оҥорбут көмөлөрүн, ол иһигэр малы-салы, аһы-үөлү аҕаллыбыт. Владивостокка уонна Уссурийскайга хас да сиргэ сылдьан дьоммутун көрүстүбүт.  Бүгүн өссө биир сиргэ көрсөрбүт хаалла. Салгыы  Хабаровскайга айанныыбыт.

Уолаттар  санаалара бөҕөх. Манна биири этиэм этэ. Ити  бассаапка араас сурах тарҕаммыта, ол иһигэр быстах хомуурга ыҥырыллыбыттары таҥаһынан да хааччыйбаттар диэн. Оннук буолбатах. Миэстэтигэр тиийэн бары көрдүбүт-иһиттибит. Таҥастара-саптара, астара-үөллэрэ үчүгэй диэн этиэххэ наада.

Бу иннинэ быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьоммутугар 50-нуу тыһыынча солкуобайы каарталарыгар түһэрбиппит. Кинилэр дьонноругар улуус  уонна нэһилиэк өттүттэн  туох кыһалҕалаахтарынан көрөн, көмөнү оҥорууга   былааннаах үлэ барар. 

Түгэнинэн туһанан, биһиги дьоммутугар күүс-көмө буолбут Сахабыт сирин бэрэстэбиитэлигэр Ким Борисовка махталбытын тириэрдэбит. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар үөр бөрөлөр сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар үөр бөрөлөр сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago