Сунтаардары «Үрдэл» тэрилтэ суоратынан, үүтүнэн хааччыйар

Share

Сунтаар улууһун бөдөҥ астыыр-үөллүүр тэрилтэтэ «Үрдэл» 2016 сылтан үлэлиир. Билигин «Кириэстээх» кооператив үрүҥ аһын барытын оҥорор сүрүн салаатынан буолар диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

️Үрүҥ аһы соҕотуопкалыыр «Үрдэл» тэрилтэ ааспыт сылга тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин анал бырагырааматынан  үүтү чинчийэр лабораторияны ылбыттара. Онон, үүт ас хаачыстыбалаах буолбутун таһынан,  үлэ хаамыыта судургутуйда. Маны тэҥэ үүтү таһар  массыынанан хааччылыннылар. Суоппар хара сарсыардаттан 5 нэһилиэгинэн эргийэн 300 туонна үүтү аҕалан туттарар. Манна оҥоһуллан тахсыбыт төрүт аһы-үөлү оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга уонна маҕаһыыннарга туттараллар. Суорат, йогурт, сүөгэй онтон да атын саха таптаабыт аһа барыта баар. Кэлин «творожнай маассаны» оҥорон саҕалаабыттарын нэһилиэнньэ олус сөбүлээтэ. Аны сайын үүт элбээтэҕинэ арыыны оҥоруохтара. Тыа сиригэр төрүт салааны сайыннарыыга анал бырагыраамалар үлэлээннэр үүт ас дэлэйэ турар.

Хаартыска: Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

6 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago