Салгыы
«Сунтаардыы эйгэҕэ улааппыт буоламмын…»

«Сунтаардыы эйгэҕэ улааппыт буоламмын…»

21.09.2023, 12:28
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, Сунтаар улууһун төрөөбүт күнэ, тэриллибитэ 222 сыла  бэлиэтэнэр.

Сунтаар улууһун бастакы поэтессата, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ тапталлаах Сунтаарын туһунан хоһоонноруттан биир дойдулаахтарыгар бэлэх уунар.

ТӨРӨӨБҮТ КҮҤҤҮНЭН, ТАПТАЛЛААХ СУНТААРЫМ!

Үтүөкэн да сиргэ мин дьолтон тииһинэн,

Үөрэнэн, үлэлээн, дуоһуйа олордум,

Силиспин-мутукпун дириҥник тэнитэн,

Сирдээҕи аналбын ситэри толордум.

 

Олоҥхо оһуордаах тылынан хоһуллар

Ойор күн аннын кэрэтин биллэҕим,

Ол иһин мин симик ырыабар-хоһооммор

Оҕолуу уйаҕас иэйиини биэрдэҕим.

 

Сунтаардыы  унаархай ураты саҥабын

Сахалыы уус-уран тылынан таҥабын,

Ыһыахха анааммын тиктибит таҥаспын

Ыалдьыттыы даҕаны барарбар таҥнабын.

 

Сунтаардыы эйгэҕэ улааппыт буоламмын,

Сахалыы тирэхтээх куттаахпын-сүрдээхпин,

Түөрэҕим түстэммит өҥ сирин туойаммын,

Тапталлаах дойдубун үрдэтэр иэстээхпин.

(21.09. 2023 с)

СУНТААРЫМ БАРАХСАН

Аар баҕах сэргэҕэр

Алгыһы иҥэрэн,

Эн дьоҥҥор-сэргэҕэр

Эйэни тэрийэн,

Сунтаарым барахсан,

Сайдаҕын, үүнэҕин,

Төлкөҕүн салайан,

Тупсаҕын, кэҥиигин.

 

Мин күннээх алааһым,

Мин сылаас алаһам,

Ырабар — суолдьутум,

Ырыабар — сулуһум,

Сүрэхпэр чугаһым,

Сураһар сураһыым,

Мэлдьитин саныырым —

Мин таптыыр Сунтаарым.

 

Ыраатар түгэммэр —

Ыҥырар ахтылҕан,

Ыарахан да кэммэр —

Ымыылаах

харысхал

Эн эрэ, Сунтаарым,

Эн эрэ буолаҕын,

Сарсыҥҥы сарыалым

Саргытын туойаҕын!

 

Күн сирин иккистээн

Көрөрдөөх буолларбыан,

Биллибэт күүһүнэн

Бу сирбин булларбыан,

Курдары тартаран,

Эйигин талыаҕым,

Куоппастан тарҕанан,

Эн буоргар тыллыаҕым!

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: