Сунтаарга 13 күн сүтэ сылдьыбыт киһини буллулар
Сунтаар улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Николай Александров, 13 күн устата муна сылдьыбыт киһи этэҥҥэ доруобай көстөн, билигин анал исписэлиистэр доруобуйатын көрөн-истэн, сытар балыыһаҕа салгыы эмтэниигэ ыыппыттарын туһунан иһитиннэрдэ.
Хирургия балыыһатыгар тиийбиппит киһибитин сууйан-тараан, атын балыыһаҕа илдьээри суһал көмө массыынатын кэтэһэн тураллара. 1958 сыллаах төрүөх Владимир Григорьев саҥата-иҥэтэ үчүгэй, бэйэтэ умнуган буолан, 13 күн устата ойуурга сылдьыбытын итэҕэйбэт. Икки сыллааҕыта эмиэ 9 күн сүтэ сылдьыбытын атын ыалтан булбуттара. Кини бэйэтэ хаамар идэлээхпин диир, онон бэйэтэ да билбэтинэн ыраатан хаалбыт. Ситэ илик моонньоҕонунан, хаптаҕаһынан аһыы сылдьыбыт. Муна сылдьар киһиэхэ, өҥүрүк куйааска уу тиийбэтэ саамай ыарахан диир.
Бу бириэмэҕэ кинини көрөн-истэн олорор эдэркээн кыыс кэллэ. Мунаах Владимиры күтүөтэ эбит. Эдьиийэ суох буолбутун кэннэ, кини көрөн-истэн олорор. Муммутун туһунан биллэриилэргэ көрөн, хата бииргэ төрөөбүт быраата уонна аймах дьоно билиннилэр диир. Онон балыыһа кэнниттэн салгыы ханна олорорун быһаарыахтара.
Владимир Григорьев эдэр эрдэҕиттэн күүстээх үлэҕэ сылдьан, икки киһи үлэтин соҕотох толорор кыахтаах киһи этэ. Ол да иһин киниэхэ күүһүн-уоҕун бигэргэтэн Манчаары диэн хос ааты иҥэрбиттэрэ. Онон кини аата — кини араначчыта дииллэр биир дойдулаахтара.
Сунтаар улууһун пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: