Сунтаарга 13 күн сүтэ сылдьыбыт киһини буллулар

Share

Сунтаар улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Николай Александров, 13 күн  устата муна сылдьыбыт киһи этэҥҥэ доруобай көстөн, билигин анал исписэлиистэр  доруобуйатын көрөн-истэн, сытар балыыһаҕа салгыы эмтэниигэ ыыппыттарын туһунан иһитиннэрдэ. 

Хирургия балыыһатыгар тиийбиппит киһибитин сууйан-тараан, атын балыыһаҕа илдьээри суһал көмө массыынатын кэтэһэн тураллара. 1958 сыллаах төрүөх Владимир Григорьев саҥата-иҥэтэ үчүгэй, бэйэтэ умнуган буолан, 13 күн устата ойуурга сылдьыбытын итэҕэйбэт. Икки сыллааҕыта эмиэ 9 күн сүтэ сылдьыбытын атын ыалтан булбуттара. Кини бэйэтэ хаамар идэлээхпин диир, онон бэйэтэ да билбэтинэн ыраатан хаалбыт. Ситэ илик моонньоҕонунан, хаптаҕаһынан аһыы сылдьыбыт. Муна сылдьар киһиэхэ, өҥүрүк куйааска уу тиийбэтэ саамай ыарахан диир.

@suntaar_ulus

Бу бириэмэҕэ кинини көрөн-истэн олорор эдэркээн кыыс кэллэ. Мунаах Владимиры күтүөтэ эбит. Эдьиийэ суох буолбутун кэннэ, кини көрөн-истэн олорор. Муммутун туһунан биллэриилэргэ көрөн, хата бииргэ төрөөбүт быраата уонна аймах дьоно билиннилэр диир. Онон балыыһа кэнниттэн салгыы ханна олорорун быһаарыахтара.

Владимир Григорьев эдэр эрдэҕиттэн күүстээх үлэҕэ сылдьан, икки киһи үлэтин соҕотох толорор кыахтаах киһи этэ. Ол да иһин киниэхэ күүһүн-уоҕун бигэргэтэн Манчаары диэн хос ааты иҥэрбиттэрэ. Онон кини аата — кини араначчыта дииллэр биир дойдулаахтара.

Сунтаар улууһун пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Иһитиннэрии түмүгүнэн бэрэбиэркэ ыытылынна

Дьокуускай к. борокуратуурата исписэлиистэри илдьэ " SD. Новости Якутии" телеграм-ханаал иһитиннэриитинэн бэрэбиэркэ оҥордо. Иһитиннэриигэ куорат…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

52 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

1 час ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

2 часа ago