Сунтаарга «Аҕа күрэҕэр» Корниловтар бастаатылар

Share

Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгэр  ыытыллыбыт «Аҕа күрэҕэ» хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыттааччылаах буолан,  күрэх хойукка диэри бэрт тыҥааһыннаахтык барда.

Бары да кыахтаахтар, күүстээхтэр, кыайыыга дьулуурдаахтар. Ол эрээри бастыҥтан бастыҥнарынан Сиэйэлэр  муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыстылар. Утарсааччыларын олох ырааҕынан хааллартаан, 50 тыһ.солк. уу харчынан наҕараадаланнылар уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ путевканы туттулар.

Степан уонна Гром Корниловтар бу күрэххэ хаһыс да төгүлүн кытталлар. Быйыл ордук «силовой» көрүҥнэргэ куоһурдарын уураннар сыл устата бэлэмнэннилэр. Гром аҕыс оҕолоох дьиэ кэргэн улахан оҕото буолар. Онон үлэҕэ-үөрэххэ туйгун, кыайыыга дьулуура үрдүк.

@suntaar_ulus
@suntaar_ulus
@suntaar_ulus

КҮРЭХ КЫАЙЫЫЛААХТАРА:

Бастакы миэстэ — Степан уонна Гром Корниловтар — Сиэйэ нэһилиэгэ.

Иккис — Виктор уонна Артем Илларионовтар — Түбэй нэһилиэгэ.

Үһүс — Геннадий уонна Арылхан Пустоляковтар — Хадан нэһилиэгэ.

Бу курдук саха саарынын, тыа сирин эр дьонун быһаарар, тургутар күрэс түһүлгэтэ үтүө түмүктээх, сытыы киирсиилээх, умнуллубат түгэннэрдээх буолла.

Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата 

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Креасфера+” куонкурус кыайыылаахтара быһаарылыннылар

Кулун тутар 19 күнүгэр “Үлэ кыбартаала” креативнай кластерга буолбут  “Креасфера+” куонкуруска  сыыппара технологиятын ньыматынан  уруһуйдуур…

12 минут ago
  • Сонуннар

Саха сирэ пилота суох технологиялар кииннэрин тэрийиигэ 554 мөл солк. ылыаҕа

Саха сирэ гражданскай пилота суох авиация систиэмэлэрин технологияларын сайыннарыы эйгэтигэр боруобалааһыҥҥа уонна компетенцияларга научнай-производственнай киини…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Орто хамнас 125 тыһыынчаҕа тэҥнэстэ

Саха сиригэр 2024 сылга орто хамнас 125 207 солкуобайга тэҥнэстэ. Бу туһунан "Сахастат" иһитиннэрэр. 2023…

41 минута ago
  • Бэрээдэк

Саҥа билсибит дьахтара харчытын уорбут

Нерюнгри оройуоннааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи счетуттан харчытын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ бэйдиэ сылдьар ыты туттахха, 2 тыһ.солк. төлүүллэр

Өлүөхүмэ куорат дьаһалтата телеграм-ханаалыгар суруйбутунан, бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга үлэ күүскэ ыытыллар. «ЯкутияDaily» саайт суруйарынан,…

1 час ago
  • Сонуннар

Мииринэйгэ, Быраҥаат ууһун сиригэр

2025 сыл кулун тутар 15 күнүгэр Мииринэй куораттан чугас сытар Чуоналыыр үрэх бэс чагдатыгар баар…

1 час ago