Сунтаарга «Айымньылаах ийэ тыл» тэрээһин ыытылынна

Share

Сунтаарга быйылгы сыл төрөөбүт төрүт тыл сылынан биллэриллибитэ. Ыччат дьон сахалыы саҥарарыгар, санаатын сайа этэригэр Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин Сунтаар гимназиятын кытта «Айымньылаах ийэ тыл» диэн барыл суруйууга тэрээһин ыыттылар.

Гимназияҕа киирээккин кытта сахалыы таҥастаах үөрэнээччи уонна учуутал төрөөбүт тылбытынан үөрэ, алаадьынан күндүлүү көрүстүлэр. «Айымньылаах ийэ тыл» диэн «Күн» оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтүн өйүүр сыаллаах тэрээһиҥҥэ Сунтаар, Хочо түбэтэ түмсэн сахалыы санааны, саҥаны саҕаллар. Тэрээһин сүрүн дьоно Надежда Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин уонна гимназия ситимнэһэн оҕо дьону төрөөбүт тылларыгар угуйаллар.

Хаартысканы Тускулаана ыытта.
Хаартысканы Тускулаана ыытта.
Хаартысканы Тускулаана ыытта.
Хаартысканы Тускулаана ыытта.
Хаартысканы Тускулаана ыытта.

Бырайыак ааптара Августина Попова оҕо дьоҕурун сайыннарар киин эбии үөрэхтээһинин педагога, маннык тэрээһин көмөтүнэн урут нууччалыы саҥарыҥ диирбитин, билигин төрөөбүт тылбытынан саҥарыаҕыҥ диэн ыҥырыы буоларын бэлиэтиир. Сунтаар нэһилиэгин уонна Хочо нэһилиэктэрин 7-11-с кылаастарын үөрэнээччилэрэ сэттэ хамаандаҕа арахсан араас ис хоһоонноох барылы суруйан көмүскээтилэр. Бииртэн биир ураты көрүүлээх, саха тылын сайдыытыгар туһаайыллар барыллар аны олоххо киириитигэр күүстээх үлэ барыаҕа. Оҕо санаата сахалыы тыынынан, сахалыы тылынан саргылаах буоллун!

Тускулаана Горохова-Кобельянова.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

16 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago