Сунтаарга алдьархай тахса сыста
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтин олохтоохторо Октябрина Трофимова, Анастасия Максимова уонна Василий Петров Лесной аннынан үс оҕону ууттан быыһаан, хорсун быһыыны көрдөрдүлэр.
Оҕолору ууттаан быыһаабыт дьон улуус хаһыатын кэрэспэдьиэнэ Марфа Ивановаҕа быһылаан туһунан маннык кэпсээтилэр:
Октябрина Трофимова:
«Бииргэ төрөөбүт балтыбынаан оҕолорбутун уонна сиэммин илдьэ өрүскэ оҕолорбутун сөтүөлэтэ киирбиппит. Сиэммин хаартыскаҕа түһэрэ сылдьан балтым Настя миигин ыҥыран хаһыытыырын истибитим. Бэйэтэ ууга киирэн эрэр этэ. Ууга кыыс оҕо: “Быыһааҥ!” — диэн ууттан тимирэ-тимирэ күөрэйэригэр хаһыытыырын көрбүтүм. Оҕоҕо сүүрэн киирбиппит. Балтым кыыска тиийбитэ дириҥ баҕайы эбит этэ. Тимирэн эрэр оҕону тутан ылбытыгар көмөлөөн тардан ылбыппыт. Ууга өссө икки оҕо баар этэ. Кыыс уонна отой кыра уол оҕо. Аттыбытыгар чугас улахан дьон сылдьаллара. Эр киһи сүүрэн кэлэн ууга киирэн уоллаах кыыһы таһаартаабыта. Кытыыга таһаартаабыппыт кэннэ төрөппүттэрэ сүүрэн кэлбиттэрэ».
Василий Петров: «Оҕолор эрдэ үс буолан сылдьыбыттара. Кыра уол өссө бастаан хаайтарбыт ууга сылдьара. Биирдэ өйдөөбүтүм ууга түһээри ыксаабыттар. Биир дьахтар кинилэргэ сүүрэн кэлэн киирбитин көрбүтүм. Оҕолортон орто кыыс хаһыытаабытын истэн, онно сүүрэн кэлэн таһаарбыттар этэ. Мин үөскэ сылдьар икки оҕоҕо харбаан киирбитим. Эдьиийэ уолу кууһа сылдьар этэ. Тиийэрбэр ыытыһан отой тимирэн эрэллэрэ. Иккиэннэрин кууһан ылаат, кытылга таһаартаабытым».
Маннык кутталлаах түгэннэр аны тахсыбаттарын туһугар төрөппүттэр сэрэхтээх буолаллара эрэйиллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: