Сунтаарга аныгы технологиянан үлэлиир саҥа үүт сыаҕа арылынна
Бу күннэргэ Сунтаар улууһугар «Ил-Тосхол» хаһаайыстыбатыгар үүт сыаҕа арылынна.
«Сири кытта үлэ үтүө түмүгүнэн сууланан-хааланан, переработкаланан тахсыбыт эт-үүт бородууксуйата буолар. «Татыйыына» фирма салайааччыта Нина Герасимова «Бааһынаттан — лааппы долбууругар» диэн бэрт судургу эрээри, элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр этиитэ олоххо киирэр.
Саҥа производственнай сыахха күҥҥэ 5 туонна үүтү астыыр кыамталаах аныгы тэриллэр кэлэн турдулар. Манна үрүҥ ас араас көрүҥүн, тэҥэ мороженай, сыыр курдук сэдэх бэйэ аһылыгын оҥорон таһаарыахтара.
Кэрэхсэнэрэ диэн үүт хаачыстыбатын көрөр-истэр, хонтуруоллуур лаборатория баар. Исписэлиистэр үрдүгэр олорон микробиологическай анаалыһы эмиэ оҥорор кыахтаннылар«, диэн суруйар улуустааҕы дьаһалта телеграм-ханаала.
Тэрээһиҥҥэ тыа хаһаайстыбатын миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова кыттыыны ылла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: