Сунтаарга Артемнаах Эрхааҥҥа улахан харыйаны бэлэхтээтилэр
Сунтаар улууһугар куруутун үтүɵ дьыала ɵрɵ тутуллар. Бу күннэргэ Дьокуускай куораттан олус улахан харыйа бэлэх буолан Дьаархан нэһилиэгэр олорор оҕолорго кэллэ.
Дьаархаҥҥа алыптаах түгэн! Куораттан саллаат ийэтэ Светлана Диодорова-Лаврентьева уонна ини-бии Николай, Прокопий Павловтар анал байыаннай дьайыыга аҕаларын сүтэрбит Артем уонна Эрхаан Потаповтарга улахан харыйа бэлэх ыыппыттарын илдьэн биэрдибит. Дьиэҕэ киирбиппит, Артем эбэтинээн баар, ийэтэ уонна инитэ Эрхаан куоракка сылдьаллар эбит. Уолчаан олус соһуйда, эҕэрдэ анабыл суругу дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдэ.
Светлана Диодорова-Лаврентьева кырачаан уолаттар аҕалара суох хаалбыттарын эбэлэриттэн истэн, кинилэргэ кыра да үɵрүүнү бэлэхтиир сыаллаах үтүɵ дьыаланы оҥордо. Бу үтүө хамсааһыҥҥа «Ёлки-иголки» хаһаайыттара Николай, Прокопий Потаповтар көмө буолан, маҕаһыыннарын саамай улахан харыйатын уонна биир толору дьааһык харыйа оонньуурун, уотун-күөһүн суулаан ыыппыттар.
Потаповтар бу күннэргэ саҥа дьиэҕэ киирээри үтүɵ түбүккэ сылдьаллар. Ону истээт, күɵх харыйаны онно туруоруохха дэстибит. Харыйаны илдьиспит суоппар Андрей Соловьев түргэн-тарҕан хамсаныынан лаглайбыт күөх харыйаны сабыс-саҥа дьиэ саалатыгар туруора охсон кэбистэ. Хата, дьиэлээхтэр куораттан кэллэхтэринэ улахан үɵрүү буолуоҕа. Артем мантан киэһэ өссө киэргэтиэм диэн тыллаах махталын тиэртэ.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Ахсынньы 24 күнэ, 2024 сыл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: