Сунтаарга арыы сыаҕа үлэҕэ киирдэ, үүт собуота аһылынна
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова Сунтаар улууһугар командировкатын кэмигэр саҥа арыы сыаҕа уонна үүт собуота аһыллыытыгар кыттыыны ылла, үлэлэрин, былааннарын кытта билистэ.
От ыйын 26 күнүгэр Сунтаар улууһугар Түбэй-Дьаархаҥҥа Михаил Комин бааһынай хаһаайыстыбата арыы сыаҕын үлэҕэ киллэрдэ. Михаил Пантелеймонович хаһаайыстыбатын 2016 сыллаахха тэрийэн, сүөһү иитиитинэн утумнаахтык дьарыктанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ бааһынай хаһаайыстыба ыанар ынаҕын ахсаана 183 төбө, оттон уопсайа 300-тэн тахса. Сайын күҥҥэ 1700-2000 киилэ үүтү ыыллар. Толору хааччыллыылаах үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарар арыы сыаҕа үлэҕэ киирбитэ, улуус олохтоохторун бэйэ оҥорон таһаарар аһынан хааччыйыыга үрдүк суолталаах.
Онтон от ыйын 27 күнүгэр Сунтаар бөһүөлэгэр үүт аһылыгы оҥорор собуоту арыйыы үөрүүлээх күнэ буолла. Собуоту Нина Герасимова салайааччылаах «Татыйыына» тэрилтэтэ туттарда. Сыахха араас үүт аһылыгы, ону таһынан сыыры, мороженайы астыахтара, Сунтаар, Мииринэй, Ньурба улуустарын дьонун-сэргэтин хааччыйыахтара. Собуот бэйэтигэр лабораториялаах буолан ас хаачыстыбатын үрдүгэр быһаарыахтара. Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: