Сэтинньи — Баай Байанай ыйа. Сахалар биир саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр ыйбыт. Уол оҕоҕо, эр киһиэхэ бу ый ураты суолталаах. В. Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуола 2 кылааһын үөрэнээччилэрэ Сунтаар күөлүгэр Байанай күнүн бэлиэтээтилэр.
Манна учууталлар уонна төрөппүттэр тэрийиилэринэн, сэргэх күрэстэр ыытылыннылар, айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун толордулар. Ол курдук күнүс 14.00 чаастан мустан, Байанай туһунан билиһиннэрдилэр, аал уоту отуннулар, байанай ыйын бэлиэтин Оҕу оҥорон көрдүлэр. Ол кэннэ араас хайысхаларынан күрэстэр тэрилиннилэр. Кырачааннар сыалы ытыы, маамыкта, куобаҕы көрдөөһүн, куйуурдааһын курдук төрүт дьарыкка холонон көрдүлэр. Ону таһынан, төрөппүттэр алгыстаах алаадьыны, үтэһэлээх эти, итии чэйи илдьэ кэлэн, кырачааннарга күндүлээтилэр. Тымныы халлааны ахсарбакка, оҕолор үөрэн-көтөн, тэрээһинтэн астыннылар.
Бу курдук, учууталлар оҕолору кыра саастарыттан төрүт үгэскэ уһуйан, айылҕаҕа сылдьыы үөрүйэҕин, сатабылын иҥэрэн, сөптөөх иитиини олохтууллар. Оскуола дьаһалтатыгар махталбытын тириэрдэбит!
Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…