Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Кутана сэлиэнньэтигэр бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах ырыа-хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста. Бу тэрээһин кылгас түгэннэрэ өйбөр хатанан хаалбыттарын санаан ылыахпын баҕардым.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах тутааччыта, Арассыыйа Суруналыыстарын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Василий Протодьяконов-Кулантай (2012 с.), Василий Никифоров-Күлүмнүүр (2015 с.) мэтээллэрин кавалера Николай Васильевич Егоров-Аҕырытта уонна кини төрөппүт кыыһа, Б.Н.Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала М.Н.Егорова матырыйаал хомуйан, бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэйгэ аналлаах «Кэҕэ кулгааҕа» диэн бэрт дьоһуннаах кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн таһаартарбыттар. Саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ бэрт долгутуулаахтык, истиҥник ааста.
Быыһыгар кинигэ ааптара Николай Егоровы-Аҕырыттаны кытары аттыгар олорон, санаа үллэстэн ыллыбыт. Мин кини «Кустук суураллар ардаҕа» диэн хоһооннорун хомуурунньугуттан саҕалаан, киһи аахтаҕына кыыс оҕолуу сырдык, ыраас сибэкки кэриэтэ тылла түһэр хоһооннорун сэргээн, хайҕаан бэлиэтээбиппэр, Аҕырытта: «Хоһоон суруйар киһи булгуччу сырдык, ыраас эрэ буолуохтаах буоллаҕа» диэн бэчээт уурардыы этэн кэбистэ. Ону кытары тэҥҥэ холобур туттар доҕорун, аймаҕын Альберт Бүлүүйүскэй иннигэр ытык иэһин төһө кыалларынан кини олоҕун туһунан матырыйаал хомуллан кинигэ тахсыбытыттан астыммыт-дуоһуйбут санаа сирэйигэр көстөн ааһарга дылы буолла.
2015 сыллаахтан «Ньургуһун» литературнай түмсүү чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ Аҕырыттаны түбэһэ түһэн көрдөххө, бэйэтэ даҕаны өрүү күлэ-үөрэ, ис- иһиттэн сырдыгынан эрэ сыдьаайа сылдьар идэлээҕин билэбин.
Оттон бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэйгэ анабыл хоһооннору дьүүллүүр сүбэ көрүүтүн түмүгүнэн, кыайыылааҕынан «Ньургуһун» литературнай түмсүү кыттыылааҕа Варвара Максимова-Тырымнаайы таҕыста. Манна даҕатан эттэххэ, бэрт сэдэхтик да буоллар, хас сырыы аайы Тырымнаайыны көрүстэхпинэ тоҕо эрэ сүрэҕим курдаттыы киниэхэ тардыһан, истиҥник сылыйан, үөрэн кэлээччи. Ол аата кини оннук сырдык киһи.
Күнүскү эбиэккэ бары кэлбит ыалдьыттары Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун, «Ньургуһун» литературнай түмсүү кыттыылааҕа Валентина Дьячковская-Хара Көмүс дойдутун дьонун кытары түмсэн тэрийбит, сүрэхтэрин сылааһын иҥэрбит минньигэс астаах сандалыларыгар олортулар. Истиҥ, сылаас, үтүө тыллар, кэрэ ырыа иһиллэн аастылар.
Изабелла Ивановна Жиркова салайар Сунтаардааҕы кииннэммит улуус бибилэтиэкэтин бары үлэһиттэрэ ыытар тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнаахтык ааһарын бэлиэтии көрөҕүн. Хас кэлбит ыалдьыкка ураты болҕомто, сылаас, сымнаҕас сыһыан өрүү баар. Сунтаар дьоно ыалдьытымсах, сайаҕас, эйэҕэс үтүө үгэһэ үйэттэн үйэҕэ бэриллэ турдаҕа.
Ыарыы уонна ырыа. Иккиэннэрэ дьүөрэлэспит кытаанах дьылҕа, тыйыс дьылҕа. Уонна кыыс оҕолуу сырдык, ыраас нарын-намчы хоһооннор, хоһооннор.
Бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй биир хоһоонугар этэр:
«Күн-дьыл түргэнник көтөр.
Бэйэм ону итэҕэйдим…
…Тылбар минньитэ барбаппын
Эдэр сааһым кэрэтин…
Баҕарабын, баҕарабын
Күнү-дьылы мин ситиэхпин.
Ырыаҕа курдук куруутун
Көрөрүм тухары,
Истэрим тухары,
Тыынарым тухары
Инним диэки барыахтаахпын.
Уһун дуу, кылгас дуу олохпун
Астына олоруохтаахпын.
Баҕам ити! Ырам ити!
Бириэмэни ситии иһин.
Уонна Корчагин кэриэтэ
Үйэ-саас инники иһии!»
(Кутана, 10.05.1962).
Сырдык, ыраас сүр-кут — ол эрэ аан дойду быыһанар эйгэтэ. Хас биирдии киһи ис турукпут, ис куппут — аан дойду, күн куйаар тэҥҥэ тыынар эйгэтэ. Тыыннаахтыын, тыына суохтуун бары биир ситиммит, биир куппут.
Ол эбэтэр бүгүн бааргын эн, «кэлэр кэм айанньыта», Аалбар Бүлүүйүскэй таптал сибэккитэ «кэҕэ кулгааҕа» буолан сүрэхпитигэр тыллаҕын, тыыннааххын. Муҥутуур улуу сайдыы үйэтигэр кут-сүр сырдык, ыраас эрэ буолуута биһигини быыһыыр, харыстыыр. Арай, эн сырдыккынан, ырааскынан «күнү-дьылы ситэҕин». «Үйэ-саас инники иһэҕин», Таптал үйэтигэр, Сырдык үйэтигэр сирдиигин.
Күн СИККИЭРЭ, Сунтаар
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…