Сунтаартан “Бүлүүчээн бурдуга” диэн бэрт тупсаҕай хаалаах сэлиэһинэй бурдугун аҕалбыттара. Бу Саха сиригэр, улуус кииниттэн 160 килэмиэтир тэйиччи сытар, саамай түгэх нэһилиэккэ – Бүлүүчээҥҥэ үүннэриллибит, мэлиллибит бурдук эбит. Судургутук эттэххэ, суоруна бурдуга буолар.
Маннык бурдук битэмииннээх, туһалаах чааһа ылан быраҕыллыбатах, хиимийэнэн маҥхатыллыбатах буолан, доруобуйаҕа туһалаах. Өбүгэлэрбит маннык бурдугунан аһаан олордохторо. Чахчы, бу бурдугунан алаадьы, лэппиэскэ буһаран көрбүтүм, бэркэ табыллыбыта, сап-саһархай өҥнөөх, минньигэс амтаннаах буолбута.
Дьиҥинэн, Саха сирин усулуобуйатыгар сэлиэһинэй бурдугу үүннэрэр, хомуйар, мээккэлиир үгүс үлэлээх, уустук буоллаҕа. Маҕаһыынтан атыылаһар быдан чэпчэки.
Ол эрээри, эдэр дьон өбүгэ үгэһин сөргүтэллэрэ, олохтоох туһалаах аһы оҥорон таһаараллара хайҕаллаах. Бу бурдугу Сунтаар улууһун пиэрмэрэ, 2023 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үлэ киһитэ” бириэмийэ хаһаайына Станислав Семенов оҥорон таһаарар эбит.
Станислав Семенов 2015 сылтан бааһынай хаһаайыстыбалаах. Бастаан саҕалыырыгар улууһун салалтата, дьоно-сэргэтэ өйөөбүттэрэ. 2017 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин “Саҥа саҕалааччы пиэрмэр” гранын ылбыта. Маны туһанан, сүөһү хотонун, көтөрдөр уйаларын, оҕуруот аһын харайар ыскылааты туттубута, анал тэриллэри атыыласпыта.
Семеновтар – удьуор үлэһит дьон. Хос эбээлэрэ Пелагея Андреевна Лыткина үйэтин тухары куурусса иитэр этэ. Элбэх көтөрү көрөн олорбута, дьонун-сэргэтин сибиэһэй сымыытынан, куурусса этинэн аһатара. Онон сиэнэ дьонун төрүт дьарыгын салҕаан, көтөрү, сүөһүнү иитэр, оҕуруот аһын олордор.
Иллэрээ сылтан үс бааһынай хаһаайыстыбаны холбоон, быраата уонна доҕоро бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, бөдөҥсүйбүттэрэ. Тус-туспа көрүҥүнэн дьарыктаналлар. Бииргэ төрөөбүт быраата Иван Семенов Дьаархаҥҥа сүөһү иитиитинэн дьарыктанар, 60-ча төбөлөөх. 2018 сыллаахха “Саҥа саҕалааччы пиэрмэр” гранын ылбыта. Аймаҕынан бары саба түһэн, дьиэтин-уотун, хотонун туппуттара, оттуур ходуһатын, мэччитэр сирин оҥорбуттара.
Бүлүүчээҥҥэ доҕоро Андрей Максимов оҕуруот аһын үүннэриигэ уонна кууруссалары, хонуу курупааскыларын, индюктары иитэргэ үлэлиир.
Семеновтар – ийэлэрин өттүнэн Бүлүүчээнтэн төрүттээх Лыыкка уустар удьуордара, оттон аҕаларын өттүнэн эһээлэрин, уордьаннаах тырахтарыыс, ураты айар дьоҕурдаах, көмүс илиилээх механик-рационализатор Иван Прокопьевич туйаҕын хатаран, оҕолоро уонна сиэннэрэ бары да тыа хаһаайыстыбатын өрө тутан, күргүөмүнэн үлэлииллэр.
Аҕалара Иван Иванович үйэтин тухары ыанньыксыт-осеменатор. Билигин да нэһилиэккэ ыҥырыынан сылдьан сүөһүлэри сиэмэлиир, боруода хаачыстыбатын тупсарыыга үлэлиир.
Семеновтар оҕолорун үлэнэн иитэллэр. Икки уолаттара кыра эрдэхтэриттэн аҕаларын батыһа сылдьан, эр киһи дьарыгар, ис-тас үлэҕэ барытыгар көмөлөһөн, эриллэн-мускуллан улааттылар. Кэнэҕэһин үөрэнэн, идэ ылан баран, аҕаларын дьыалатын салгыахтара турдаҕа.
Оҕолор сайынын окко, хотоҥҥо, бааһынаҕа эмиэ туһалара элбэх. Аҕа киһи быһыытынан, уолаттарын бэйэтэ сатыырыгар барытыгар үөрэтэ, уһуйа сатыыр, дьиҥнээх эр дьон буола улааталларыгар баҕарар. Ийэлэрэ Маргарита Васильевна – уһуйаан иитээччитэ.
Станислав аныгы үйэ киһитэ буоларынан, тыа хаһаайыстыбатын ыарахан үлэтин чэпчэтэр сыалтан, туһалаах тэриллэри айан таһаарарга үлэлиир. Холобур, көтөр пиэрмэтигэр салгыны таһаарар-киллэрэр вентиляцияны толкуйдаан оҥорбута. Бүлүүчээҥҥэ көтөр пиэрмэлээх Андрей Максимов ону бэркэ хайгыыр: “Көтөр сыта суох, сибиэһэй салгын киирэ турар буолан, тыынарга үчүгэй”.
Көтөр пиэрмэтигэр иһэр уулара анал уулатар ситиминэн кэлэр, уота-күөһэ бэйэтэ холбонор, арахсар. Сарсыарда уонна киэһэ тахсан аһаталлар уонна саахтарын ыраастыыллар. Хотон иһэ кураанах, салгына ыраас. Хортуоппуй уурар ыскылаакка эмиэ уотун-күөһүн, биир тэҥ кыраадыһын тутарын барыта аптамаат дьаһайар.
Станислав Семенов бэйэтэ толкуйдаан оҥорбут кыһыҥҥы кэмҥэ хотонтон сааҕы таһаарар тиэхиньикэтин Сунтаарга, Ньурбаҕа, Хаҥаласка сөбүлээн туһана сылдьаллар.
Илии үлэтин чэпчэтэр сыалтан, “Саха Vredo” диэн ааттаах, 3 үлэни оҥорор – туорахтаах сиэмэлэри ыһар, бааһына буорун тараахтаан бытарытарга аналлаах тиистээх, диискэлээх тэрили оҥорбута.
Мантан да атын тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар туһаныллар тиэхиньикэлэри айар, элбэҕи толкуйдаан оҥорбут рационализатор, мындыр киһи.
Эдэр пиэрмэр кэнники сылларга быраҕыллыбыт сирдэри туһаҕа таһаарыынан утумнаахтык дьарыктанар. Быраҕыллыбыт сири ылан, дулҕатын астаран, арыт маһын, ойуурун кэрдэн, барытын хаттаан ыраастаан, хорутан оҥороллор. Ол курдук, 10 гааҕа биир сыллаах оту ыспытыттан 24 туонна оту ылбыта. Өссө хас да сыллаах оту эмиэ ыһар.
Сайын устата ыһыы отторун иккитэ охсубуттара. Инньэ гынан, киэһэ аайы сүөһүлэргэ ону эбии аһылык курдук биэрэ сылдьыбыттара. “Сүөһү үүтэ – тылыгар” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Ынахтар үүттэрэ биллэ эбиллибитэ, хойдубута. Онон инникитин сенажка уонна ыһыы окко күүскэ үлэлэһэр баҕалаахтар.
17 гаа бааһына баарыттан, 3-гэр хортуоппуйу олордоллор. Андрей Максимовтыын кыттыһан, Бүлүүчээҥҥэ 10 гаа сиргэ сэлиэһинэй бурдугу үүннэрэн көрдүлэр. Сэлиэһинэй бурдук бэркэ үүнэр эбит, дьон туһалаах буоларын билэн, хамаҕатык атыылаһар.
Нэһилиэнньэҕэ хортуоппуйу куулунан тиһигин быспакка атыылыыллар. Ону сэргэ оскуолаларга, уһуйааннарга туттараллар. Кэргэнэ социальнай хантараакка киирсэн, сүбүөкүлэни, моркуобу түөркэлиир тэрил ылбыттара. Урукку курдук, моркуобу, сүбүөкүлэни бэйэтинэн атыылаабакка, түөркэлээн, салапааннаан атыылыыллар. Кэнники кэмҥэ өссө моркуоптан, сүбүөкүлэттэн чэй оҥорон, дьон сэҥээриитин ыллылар.
Инникитин комбикорму оҥорон, сүөһүлэрин, көтөрдөрүн аһын бэйэлэрэ хааччынан, тыа хаһаайыстыбатын ороскуотун намтатарга үлэлэһэр баҕалаахтар.
Бу бородууксуйа, ас-үөл барыта күүһү-уоҕу, үбү сөпкө суоттаныыттан, күн аайы тиритэ-хорута үлэлииртэн, төрөөбүт дойдуга тапталтан кэлэр буоллаҕа…
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…