Сунтаарга эдэр пиэрмэр Станислав Семенов мааннай куруппаны оҥорор
Сунтаар улууһун пиэрмэрдэрэ бэйэлэрэ бурдук ыһан, үүннэрэн ас астыыр бурдугу кэккэ мааннай куруппаны кытта оҥорор буолбуттар.
«Бу Бүлүүчээн бурдуга, бу эбиэһэ, онтон бу Тойбохой бурдуга», — дии-дии «Үлэ киһитэ» Станислав Семенов быйылгы ɵлгɵм үүнүүтүн кэпсиир. Ол кэмҥэ кɵмɵ буолар оҕолор бурдугу ыраастыыллар. Станислав былырыыҥҥаттан биир идэлээҕин, чугас атаһын Андрей Максимовы кытта Бүлүчээҥҥэ бурдук ыһан араас бэйэ аһын оҥорон таһаарар.
Улуус дьаһалтата, тыа хаһаайыстыбатын салалтата бэйэ аһын оҥорон таһаарар пиэрмэргэ кɵмɵ буолан оҕуруот аһын хатарарга икки ыскаабынан, онтон АГАТУ сиэмэ сиидэлиир тэрилинэн кɵмɵ буолла. Станислав быйыл улууска «Бастыҥ сир таҥастааччы» анал ааты ылла. Кини оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын сɵбүлээн атыылаһааччы күннэтэ элбиир.
Үлэ киһитигэр кɵмɵ буолар дьонунан оҕолор буолаллар. Эрсан Тимофеев бу дьоҕус собуокка үлэлээбитэ иккис сыла, онтон Дианна Гуринова быйылгаттан кɵмɵ буолар.
Сунтаар дьоно Ыстааһык бурдугун, чэйин амсайбыппыт ыраатта, аны мааннай хааһытын боруобалыахпыт.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: