Салгыы
Сунтаарга — «Өлбөт үйэлээх автополк»

Сунтаарга — «Өлбөт үйэлээх автополк»

Ааптар:
09.05.2023, 10:00
Хаартыска: @suntaar_ulus
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 8 күнүгэр  Сунтаарга Улуу Кыайыыны уһансыбыт Албан ааттаахтарга сүгүрүйүү, киэн туттуу, махтаныы күнүнэн буолла. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Васильев «Өлбөт үйэлээх автополк» тэрээһинигэр оччотооҕу ыар кэми ахтан-санаан аастылар.

Ол кэннэ сэриигэ саа саадах тутан Обоччолоохтон Өлүөнэ өрүс Туруктатыгар диэри сатыы барбыт биир дойдулаахтарбыт чиэстэригэр автопробег тэрилиннэ. Бу тэрээһиҥҥэ 200 тахса тимир көлөлөөхтөр кыттыыны ыланнар ийэлэрин-аҕаларын, эһээлэрин-эбээлэрин, хос эһээлэрин-хос эбээлэрин ахтан-санаан аастылар, уруйдаатылар-айхаллаатылар.

«Өйдөбүнньүк төлөнө» дьон-сэргэ кыайыыны, эйэлээх олоҕу уһансыбыт аймахтарын, биир дойдулаахтарын ахтан-санаан ааһар, биир бэлиэ түгэнинэн буолар. «Албан аат» болуоссатыгар тоҕуоруһа мустан, чүмэчи сырдык уотун күөдьүтэн, “Умнуллубат, умуллубат уокка” сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Сунтаар улууһуттан сэрии толоонугар охтубут буойуттар, эргиллэн кэлбит дьоруойдар, сэрии, тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии оҕолоро үйэлэргэ умнуллуо суохтара. Кинилэр ааттара көмүс буукубанан суруллан, үүнэр көлүөнэҕэ өйдөбүл, үтүө холобур буола туруохтара диэн Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Саха» НКИХ Сунтаардааҕы филиалын оператора Радомир Сергеев устуутун көрүҥ👆

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: