Сунтаарга этиҥнээх, чаҕылҕаннаах ардах түстэ (ВИДЕО)
Балаҕан ыйын 26 күнэ үүнэр түүнүгэр Сунтаар улууһугар сайыҥҥылыы этиҥнээх, чаҕылҕаннаах, дохсун ардах түстэ. Ардах Хочо өттүгэр — Тойбохой, Маар Күөл, Уһун Күөл, Дьаархан бөһүөлэктэригэр түспүт.
— Киэһэ самыыр барбах түһэ турбута, онтон күүһүрэн барбыта. Утуйаары сыттахпытына, улахан тыас тыаһаабытыгар, ханна эрэ эстии буолла дуу диэн олус соһуйбуппут. Баччаларга этиҥ этиэ эрэ дии санаабатахпыт. Онтубут, доҕоор, өссө чаҕылҕаннаах, чаҕылыйан сүрдээх этэ, тыас-уус бөҕө, — диэн дойдутугар баран, сынньана сылдьар Мария Павлова кэпсээтэ.
Санаттахха, Сунтаар улууһугар ураты, кыһыннары сылаас күн-дьыл турааччы. Сорох сыл сэтинньи саҕаланыыта кытта ардах түһэн соһутааччы. Оттон күһүн этиҥнээх ардах түһүөн сөп дуо?
Ардах туохтан үөскүүрүй? Сылаас салгын үөһэ халлааҥҥа тахсан, тымныы салгыны кытары көрсүһэр, паар үөскээн, былыттарга сөҥөр. Бу кэмҥэ сылаас эниэргийэ үөскээн, өссө үрдүккэ, тымныы араҥаҕа тахсар. Онно түргэнник тоҥон баран, аллараа түһэригэр күүстээх тыал үөскүүр. Уу бытархай хааппылалара тоҥон баран, «положительный заряд» үөскэтэллэр, оттон бөдөҥ таммахтар убаҕас туругунан хаалаллар уонна «отрицательный заряд» үөскэтэллэр. Салгын хамсыыр кэмигэр бу таммахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта харсыһаллар, ол түмүгэр элэктэриичэстибэ үөскээн, чаҕылҕан курбуулуур.
Оттон күһүн тоҕо оннук буолбатый? Күһүҥҥү ыйдарга Күн намтаан, салгыны үчүгэйдик сылыппат. Онон сылаас салгын үрдүккэ кыайан тахсыбакка хаалар. Сылаас уонна тымныы араҥалар көрсүспэттэр, онон элэктэриичэскэй заряд үөскээбэт. Онон күһүн этиҥэ суох ардахтар түһэллэр.
Ол эрээри, сэдэх түгэннэр баар буолаллар. Сылаас муораттан сылыйбыт салгын эмискэ кэлэн баран, үөһээ тымныы салгыны кытта харсыһыан сөп. Сунтаарга, Ньурбаҕа, Ленскэйгэ Бүлүү ГЭС-ин муората дьайар, ол иһин сылаас диэччилэр.
Онон Сунтаарга сэдэх көстүү буолбут — күһүҥҥү этиҥнээх, чаҕылҕаннаах ардах түспүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: