Сунтаарга этиҥнээх, чаҕылҕаннаах ардах түстэ (ВИДЕО)

Share

Балаҕан ыйын 26 күнэ үүнэр түүнүгэр Сунтаар улууһугар сайыҥҥылыы этиҥнээх, чаҕылҕаннаах, дохсун ардах түстэ. Ардах Хочо өттүгэр — Тойбохой, Маар Күөл, Уһун Күөл, Дьаархан бөһүөлэктэригэр түспүт.

Хаартыска: Х.Иванова видеотуттан.Чаҕылҕан чаҕылыйар кэмигэр сып-сырдык буолбут.

— Киэһэ самыыр барбах түһэ турбута, онтон күүһүрэн барбыта. Утуйаары сыттахпытына, улахан тыас тыаһаабытыгар, ханна эрэ эстии буолла дуу диэн олус соһуйбуппут. Баччаларга этиҥ этиэ эрэ дии санаабатахпыт. Онтубут, доҕоор, өссө чаҕылҕаннаах, чаҕылыйан сүрдээх этэ, тыас-уус бөҕө, — диэн дойдутугар баран, сынньана сылдьар Мария Павлова кэпсээтэ.

Санаттахха, Сунтаар улууһугар ураты, кыһыннары сылаас күн-дьыл турааччы. Сорох сыл сэтинньи саҕаланыыта кытта ардах түһэн соһутааччы. Оттон күһүн этиҥнээх ардах түһүөн сөп дуо?

Ардах туохтан үөскүүрүй? Сылаас салгын үөһэ халлааҥҥа тахсан, тымныы салгыны кытары көрсүһэр, паар үөскээн, былыттарга сөҥөр. Бу кэмҥэ  сылаас эниэргийэ үөскээн, өссө үрдүккэ, тымныы араҥаҕа тахсар. Онно түргэнник тоҥон баран, аллараа түһэригэр күүстээх тыал үөскүүр. Уу бытархай хааппылалара тоҥон баран, «положительный заряд» үөскэтэллэр, оттон бөдөҥ таммахтар убаҕас туругунан хаалаллар уонна «отрицательный заряд» үөскэтэллэр. Салгын хамсыыр кэмигэр бу таммахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта харсыһаллар, ол түмүгэр элэктэриичэстибэ  үөскээн, чаҕылҕан курбуулуур.

Оттон күһүн тоҕо оннук буолбатый? Күһүҥҥү ыйдарга Күн намтаан, салгыны үчүгэйдик сылыппат. Онон сылаас салгын үрдүккэ кыайан тахсыбакка хаалар. Сылаас уонна тымныы араҥалар көрсүспэттэр, онон элэктэриичэскэй заряд үөскээбэт. Онон күһүн этиҥэ суох ардахтар түһэллэр. 

Ол эрээри, сэдэх түгэннэр баар буолаллар. Сылаас муораттан сылыйбыт салгын эмискэ кэлэн баран, үөһээ тымныы салгыны кытта харсыһыан сөп. Сунтаарга, Ньурбаҕа, Ленскэйгэ Бүлүү ГЭС-ин муората дьайар, ол иһин сылаас диэччилэр.

Онон Сунтаарга  сэдэх көстүү буолбут — күһүҥҥү этиҥнээх, чаҕылҕаннаах ардах түспүт.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
14
+1
1
+1
8
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

11 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago