Кэнники кэмҥэ улуустарга элбэх социальнай эбийиэктэр тутуллан киирэллэр. Онуоха федеральнай да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да бырагыраамалар төһүү күүс буолаллар. Сунтаар улууһун Тутуу комплексын управлениетын исписэлииһэ Михаил Пахомов быйыл «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан олорор дьиэлэр тутуллубуттарын туһунан кэпсээтэ.
— Сунтаар улууһа «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа 2019 сылтан үлэлиир. Улууска хаарбах туруктаах олорор дьиэ уопсай кээмэйэ 39 512 кв.м. буолар, 1509 киһи көһөрүүнү кэтэһэр. Бырагыраамаҕа барыта 14 нэһилиэк кыттар.
Бу кэмтэн 13 535 кв.м. иэннээх, барыта 243 кыбартыыралаах 9 дьиэ тутуллан киирбитэ. Ол курдук, Сунтаар сэлиэнньэтигэр «70 лет Октября» уулуссаҕа 4 этээстээх олорор дьиэ уонна өссө биир дьиэ, Октябрьскай уулуссаҕа 5 этээстээх дьиэ, 4 этээстээх дьиэ, Сунтаар уулуссаҕа 73 кыбартыыралаах дьиэ, маны тэҥэ Илимнииргэ, Туойдаахха, Аллаҥаҕа, Кутанаҕа тутуллубуттара.
Күн бэҕэһээ Устье сэлиэнньэтигэр 30 кыбартыыралаах дьиэ тутуллан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга олохтоохторго күлүүстэрин туттардыбыт. Олунньуга 73 кыбартыыралаах дьиэ 3-с подъеһа тутуллан киирбитэ. Хадаҥҥа 8 кыбартыыралаах дьиэ уонна 4-түү кыбартыыралаах икки дьиэ тутуллан, кулун тутарга киирбиттэрэ. Күүкэйгэ 4 кыбартыыралаах дьиэ тутулла турар. Куокунуга 4 кыбартыыралаах дьиэ тутуллан киирдэ.
Кэмпэндээйигэ тутуллуохтаах 32 кыбартыыралаах дьиэҕэ сыбаайалара түһэн, тутуу бара турар. Сунтаарга «Сунтаар» уулуссаҕа 73 кыбартыыралаах дьиэ тутулла турар. Партизан уулуссатыгар 86 кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах.
Онон Сунтаар улууһугар бу бырагырааманан билиҥҥитэ 18 785 кв.м. иэннээх хаарбах дьиэттэн дьон көһөрүлүннэ. Күүстээх үлэ салҕанар. Бу бырагыраама судаарыстыба дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар туһуламмыт буолан, олохтоохтор махтаналлар, үөрэллэр, — диэн кини бэлиэтээтэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…