Олунньу 24 күнэ үүнэ түүнүгэр Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтигэр икки киһини төбөҕө охсон өлөрбүттэрэ биллибитэ. Бу ыар быһылааҥҥа уорбаланар 35 саастаах киһини туппуттар диэн СӨ Силисэтийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрэр.
34 саастаах эр киһи уонна 64 саастаах дьахтар криминальнай быһыылаахтык өлөрүллэн сыталларын чааһынай дьиэлэртэн булбуттара.
Силиэстийэ дааннайдарынан, олунньу 24 күнэ үүнэ түүнүгэр эр дьон арыгы иһэн баран этиспиттэр. Ол түмүгэр 35 саастаах киһи аннараа киһини тимир ломунан төбөҕө саайталаабыт. Эр киһи тута тыына быстыбыт.
Ол кэнниттэн өлөрүүгэ уорбаланар киһи саастаах дьахтар олорор дьиэтигэр тиийбит. Урукку өстөһүүнү иэстэһэр санааттан дьахтары төбөҕө сүгэнэн саайбыт уонна дьиэтин уоттуу сатаабыт.
Полиция үлэһиттэрэ бу киһини ыаллыы сытар дэриэбинэттэн туппуттар. Билигин бу холуобунай дьыала тула силиэстийэ ыытыллар.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038