Сунтаарга икки күннээх хапсаҕай күрэҕэ түмүктэннэ

Share

«Икки күннээх хапсаҕай бырааһынньыга номнуо бүттэ дуо???» — диэн саҥа аллайбыт дьон, бэйэбитигэр дылы, элбэҕэ буолуо. Ол курдук, көрүөх бэтэрээ өттүгэр кыл түгэҥҥэ Сунтаар улууһа оргуйан олордо.

Үтүө түмүктэрдээх күрэс түһүлгэтэ үгүс хабыр хапсыһыылары, умнуллубат түгэннэри, сытыы киирсиилэри, соһуччу бэлэхтэри оҥордо.

Сунтаар улууһун баһылыга, улуус  тустууга федерациятын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Григорьев 20 сыл буолан баран, олохтоохторго маннык кэрэ бэлиэ күннэри бэлэхтээбититтэн үгүс дьон астынна, махтанна, биһирээтэ. Сааланы толору көрөөччү мустан биир тыынынан күрэһи манаатыбыт.

Анатолий Григорьев: «Саамай сүрүнэ улуус олохтоохторугар, көрөөччүлэргэ махталбын этэбин. Кинилэр хас биирдии спортсмеҥҥа ыалдьан, ыһыытаан-хаһыытаан күрэх таһымын үрдэттилэр. Ону тэҥэ, бачча ыраах айаннаан кэлбит бөҕөстөргө итии-истиҥ эҕэрдэ. Сунтаар сирэ-уота күүскүтүгэр күүһү, эрчимҥитигэр уҕараабат эрчими эбэн биэрдин!, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Хаартыска: @suntaar_ulus
Хаартыска: @suntaar_ulus
Хаартыска: @suntaar_ulus
Хаартыска: @suntaar_ulus
Хаартыска: @suntaar_ulus
Хаартыска: @suntaar_ulus

Маннык таһымнаах күрэһи тэрийии, биллэн турар, судургу буолбатах. Үлэлэригэр бэриниилээх, кырдьык ис дууһаларыттан спорду таптааччылар тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытылларын туһугар элбэх киһи үлэлээтэ. Кинилэргэ барыларыгар улуус дьаһалтатын аатыттан махтанабыт!

Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

46 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

5 часов ago