Салгыы
Сунтаарга Култуура киинэ национальнай бырайыагынан тутуллар

Сунтаарга Култуура киинэ национальнай бырайыагынан тутуллар

Ааптар:
23.08.2024, 14:31
@suntaar_ulus
Бөлөххө киир:
«Саргы түһүлгэтэ» култуура киинэ национальнай бырайыагынан тутулла турар.

Сунтаар Кириэстээҕэр Үлэ дьоруойа Владимир Михайлов көрдөһүүтүнэн тутулла турар култуура дьиэтэ силигэ ситэн иһэр.

Улууска элбэх эбийиэги туппут, эрэбил үлэһиттэрдээх Самвел Саакян салайааччылаах «Андраники» тэрилтэ үлэни ыытар. Тутуу икки  түһүмэҕинэн  барар. Быйылгы үлэ кэнниттэн, эһиил манна тупсаҕай көстүүлээх ураһаны тутан биэриэхтэрэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу хаамыыта тэтимнээхтик барар. Эбийиэк 70%-на түмүктэммит. Баараҕай тутууну сакааһы оҥорор судаарыстыбаннай сулууспа бэрэстэбиитэлэ, улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна тутуу управлениетын салайааччыта Юрий Афанасьев көрдүлэр

Тыа эбийиэктэрин  тутар отдел үлэһитэ Иосиф Васильев: «Биһиги саамай сүрүнэ тутуу хаачыстыбатын көрөбүт уонна былаантан хаалбакка кэмигэр түмүктэнэрин хонтуруоллуубут», — диэтэ. 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: