Сунтаарга мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр саҥа көлөлөрү аҕалыы салҕанар

Share

Сунтаар улууһугар мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр саҥа көлөлөрү аҕалыы салҕанар. «Доруобуйа» национальнай бырайыак иитинэн, мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго тохсунньуга Сунтаар улууһугар Күндэйэҕэ уонна Уһун Күөлгэ УАЗ кэлбитэ.

—Улуус поликлиникатын, амбулаториялар үлэлэрэ элбэх. Сүрүнээн барыыны-кэлиини кытары сибээстээхтэр. Быраастар, биэлсэрдэр суһал ыҥырыыларга, дьиэлэригэр сытар пациеннарга бараллар. Онон саҥа көлөлөр ордук тыа сиригэр суһал ыҥырыыга уонна ыраах олорор нэһилиэнньэлээх пууннарга тиийэргэ туһалаахтар, көмөлөөхтөр. Бу СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ өйүүр, көмөлөһөр буолан ситиһиллэр. Мэдиссиинэ көмөтүн суһаллык оҥорорго, элбэх киһини хабарга туһалаахтар, — диэн этэр кылаабынай быраас Анатолий Назаров.

Манна эбэн эттэххэ, сотору кэминэн саҥа көлөлөр кэлиэхтээхтэр. Олор Кутанаҕа, Түбэй Дьаархаҥҥа, Бүлүүчээҥҥэ уонна улуус поликлиникатыгар бэриллэллэр.

«Доруобуйа» национальнай бырайыак сыалы-соруга — нэһилиэнньэ бары араҥатыгар мэдиссиинэ көмөтүн кыаллымтыа оҥоруу. Национальнай бырайыак РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээһининэн 2019 сылтан саҕаламмыта. Бу кэм устатыгар Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын элбэх эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киллэрилиннэ, олор ортолоругар перинатальнай киин уонна сүрэх-тымыр ыарыылаахтары эмтиир киин, икки улуустааҕы киин балыыһа, 80 амбулатория уонна биэлсэр-акушер пууннара бааллар. 219  тырааныспар ылыллыбыта, ону сэргэ, 17  көһө сылдьар мобильнай комплекс, 663  мэдиссиинэ тэрилэ ылыллыбыттара.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска Сунтаар улууһун киин балыыһатыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

40 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago