Сунтаарга мобильнай хирургическай биригээдэ үлэлээбитэ төрдүс күнэ
Сунтаарга бу күннэргэ Ил Дархан дьаһалынан тэриллибит мобильнай хирургическай киин үлэлии сылдьар. Аҕыйах күн иһигэр сүүрбэ эпэрээссийэни оҥордулар.
Маҥан халааттаах быраас илиитин суунар, анал таҥаһын кэтэн эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнэр. Атырдьах ыйын 24 күнүттэн — балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри Ил Дархан дьаһалынан тэриллибит Мобильнай хирургическай киин Сунтаарга үлэлиир. Биригээдэ салайааччыта, нейрохирург Зораб Саакян этэринэн: «Атырдьах ыйын 24 күнүттэн Сунтаарга суһал көмө киинин аҕыс үлэһиттэрэ: врач травматолог, хирург, оториноларинголог, нейрохирург уонна сиэстэрэлэр бу күҥҥэ диэри уопсайа 40 киһини көрөн-истэн 19 эпэрээссийэни оҥордубут», — диир. Түөрт күн иһигэр хирургическай киин үлэһиттэрэ уҥуох көннөрүүтүгэр, тымыр ыарыыларыгар араас эпэрээссийэни оҥордулар. Онтон оториноларинголог Петр Николаев мурун тостубутун көннөрөр эпэрээссийэни тоҕуһу оҥорон дьон махталын ылар.
Иккис хоско травматолог быраас өттүк уҥуоҕун көннөрүү эпэрээссийэтин ыытар. Бу курдук аҕыйах күн иһигэр сүүрбэччэ эпэрээссийэ оҥоһулунна. Бу иннинэ бэйэбит быраастарбыт бэлэмнээһин үлэтин ыыппыттар.
Сунтаар үгүс дьоно тымыр ыарыытын — варикоһу эпэрээсийэлэттэллэр эбит. Карл Григорьев хаамарыгар улахан эрэйи көрөн Кириэстээхтэн анаан киирэн өттүгэр эпэрээссийэ оҥотторон абыранным диэн санаатын үллэстэр. Кырдьыга да оннук, бу маннык эпэрээссийэни оҥоттороору куоракка тиийиэххэ наада, онтон докумуоҥҥа, анализка сүүрүүтэ-көтүүтэ бэйэтэ туспа кыһалҕа буоллаҕа. Оттон манна төрөөбүт дойдугар, буор босхо, ааттаах быраастар эмтээн-томтоон бараллара улахан үөрүү. Ол да иһин үгүс дьон махталын иһиттим.
Мобильнай хирургическай киин уопсайа уон улууһу кэрийэн абыраллаах эмтээһиннэри оҥордо. Мантан салгыы аны Аммаҕа турунуоҕа.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: