Сунтаар ааттаах тустууктарынан биллэр. Бу успуорт кɵрүҥэр ыччаты күүскэ дьарыктыыллар. Кэнники кэмҥэ оҕо успуордун ɵрɵ тутан араас таһымнаах күрэстэр Сунтаарга буолаллар.
Сунтаар спортивнай оскуолата оҕолору успуорка кɵҕүлүүр сыаллаах сотору-сотору араас таһымнаах күрэстэри кыайа тутар. Биир ый иһигэр Тойбохойго, Сунтаарга улуустааҕы уонна Бүлүү түбэтин түмэр тустуу күрэһин тэрийдэ, аны ый түмүгэр хапсаҕай ыытылынна.
Хас биирдии күрэс ааттаах-суоллаах спортсменнарга ананан ыытыллар. Оҕолорго хапсаҕай күрэһэ Кыыл Уолун ансаамбылын кыттыылааҕар, ааттаах тустуукка Семен Зедгенидзев 91 сааһыгар ананан ыытылынна.
Улуустааҕы күɵн күрэскэ 73 оҕо кытынна. Оҕолор бу успуорт кɵрүҥүн олус сɵбүлүүллэрэ муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар түһүмэххэ бары суруттарбыттарыттан көстөр.
Сунтаарга оҕо успуордун ɵйүүр дьон элбэҕэ үөрдэр. Уол оҕо эт-хаан ɵттүнэн эриллэн-мускуллан сайдарыгар тустуу уонна хапсаҕай тɵһүү успуорт кɵрүҥнэрэ буолаллар.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…
Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…
Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…
Ааһан эрэ ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…
Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…
“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи уорганын сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…