Сунтаарга ойуур баһаарын утары илии күүһэ уонна тиэхиньикэ туһаныллар
Сунтаар улууһугар ойуур баһаарын умуруорууга илии күүһэ уонна тиэхиньикэ туһаныллар диэн Экология министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Бүгүҥҥү туругунан Сунтаар улууһугар 25 626 га иэннээх сиргэ 4 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Онно 105 киһи уонна 6 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Ойуур баһаарын утары охсуһааччылар минерализацияламмыт балаһалары оҥороллор, уокка утары уоту ыыталлар, бохсуллубут сирдэри кэтииллэр-маныыллар, о.д.а. нэһилиэктэри харыстыыр үлэлэри ыыталлар.
Маннык харгыстыыр балаһалары оҥоруу баһаар саҥа саҕаланан, кыра эрдэҕинэ, атын учаастакка көһөн тарҕамматын туһугар оҥоһуллар. Тыала суох буоллаҕына, сиринэн барар уот тохтуон сөп.
«Билигин булууктаах MTЗ-82 тыраахтырынан минерализацияламмыт балаһалары хорутабыт, ону тэҥэ илиибитинэн күрдьэҕинэн хаһан харгыстары оҥоробут. Бу үлэ түмүгэр, баһаар тарҕаныыта тохтуохтаах, бохсуллуохтаах уонна суох оҥоһуллуохтаах диэн былаанныыбыт», — диэн Сунтаардааҕы ойуур хаһаайыстыбатын инженерэ Петр Захаров кэпсиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: