Сунтаарга Олоҥхо балаҕана аһылынна
Сунтаар — Олоҥхо дойдутугар аны Олоҥхо балаҕана аһылынна. Наталья, Эдуард Эконовтар дьиэ кэргэттэрэ бу сайын устата тэлгэһэлэригэр саха балаҕанын туттан үлэҕэ киллэрдилэр.
Көмүлүөк оһохтоох, наара ороннордоох, киэҥ-куоҥ иэннээх сахалыы тыыннаах дьиэ — Олоҥхо балаҕана диэн сүрэхтэннэ. Малааһыҥҥа дьиэлээхтэр чугастарын ыҥыран Кутанаттан Митрофан Семенов уонна Наталья Эконова олоҥхолоон иһитиннэрдилэр. Наталья Ивановна култуураҕа өр кэмҥэ буҕаалтырынан үлэлиир далбар хотун Никандр Тимофеевка уһуйуллан, олоҥхону толорууга билигин бастыҥ киһибитинэн буолар. Улуустааҕы олоҥхо күрэстэрин кыайыылааҕа, Олоҥхо ыһыахтарын биһирэнэр олоҥхону толорооччута буолар.
Мантан инньэ сунтаардар Олоҥхо балаҕаныгар олоҥхо истэр буолуохпут уонна Наталья Ивановна оҕолору норуот уус-уран айымньытыгар, төрүт култуураҕа бу балаҕаныгар уһуйар буолуоҕа. Бэрт да бэрт! Олоҥхо дойдута — Олоҥхо балаҕаннанна!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: