Салгыы
Сунтаарга саҥа дьиэ хаһаайыттарыгар күлүүстэри туттардылар

Сунтаарга саҥа дьиэ хаһаайыттарыгар күлүүстэри туттардылар

Ааптар:
04.03.2024, 17:13
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Сунтаар олохтоохторугар үөрүүлээх бэлиэ күн буолла. Саҥа дьиэ хаһаайыттарыгар күлүүстэр туттарылыннылар.

Бу «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагы олоххо киллэриинэн, » 2019-2025 сс. хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагыраама иитинэн тутулунна.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарынан өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар саҥа дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киллэриллэллэр. Ол иһигэр биһиги Сунтаарбытыгар эмиэ саҥа дьиэ дьэндэйдэ. Бүгүн 23 ыал дьиэ күлүүһүн тутта. Бу киирбит дьиэ 71 кыбартыыралаах, 3 подъезтаах, 5 мэндиэмэннээх тутуу бастакы түһүмэҕинэн буолар. Эмиэ быйыл үлэҕэ киириэхтээх иккис түһүмэххэ өссө 48 кыбартыыра бэлэм буолуоҕа, — диэн үөрүүлээх сонунун Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов үллэстэр.

Саҥа дьиэҕэ «Болид» диэн баһаартан сэрэтэр тэрил туруоруллубут. Онон бары кыбартыыралар баһаары утары биир ситимҥэ холбоммуттар. Маны сэргэ, уот, уу, сылаас көрдөрүүтүн биэрэр прибордар бааллар. Дьиэ бастакы мэндиэмэнэ муостата сылаас буоларын курдук анаан оҥоһуллубут. Элбэх кыбартыыралаах дьиэ бастакы түһүмэҕин тутуу 2023 сыллаахха кулун тутарга саҕаламмыта.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр 2023 сыл түмүгүнэн тутуу рекорда тупсарыллыбыта. Былырыын 705 тыһ.кв.м. киллэриллибитэ, 315 тыһ.тахса кв.м. элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорор дьиэни уонна 390  тыһ.кэиҥэ кв.м. бэйэ олорор кэтэх дьиэтин киллэрэн туран.

2019-2025 сс. Саха сиригэр 1,1 мөл. кв. м. хаарбах дьиэттэн 60 тыһ. киһи көһөрүллүөхтээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ бэлиэтэнэринэн, хаарбаҕынан билиниллибит 700 тыһ.кв.м. дьиэттэн 40  тыһ. киһи көспүт. Бу сылларга муниципальнай тэриллиилэри киллэрэн туран, уопсайа 200 элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киллэриллибит.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: