Хаартыска: "Мин биисинэһим" саайтан.
Сунтаар улууһунааҕы «Мин биисинэһим» киин нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун управлениетын кытта социальнай хантараагынан үлэлиир дьоҥҥо анаан үөрэтэр сэминээри ыыттылар.
Сэминээргэ бэйэ дьарыктаах дьон “Мин нолуогум” сайабылыанньанан отчуоттуурга уонна хантараакка дуогабар түһэрсэн баран хайдах үлэлииргэ сүбэ-ама ыллылар. Бу күн «Мин биисинэһим» киин бэрэстэбиитэлэ Александра Иванова уонна социальнай көмүскэл исписэлииһэ Татьяна Егорова биисинэһи тэрийиигэ уонна бэйэлэрин бородууксуйаларыгар сыананы туруорууга сүбэ-ама биэрдилэр. Маны таһынан, үөрэтэр сэминээргэ бэйэ дьарыктаах дьон бородууксуйаларын батаралларыгар сырдатыы үлэтигэр ньымалары билиһиннэрдилэр. «Мин биисинэһим» киин бэрэстэбиитэлэ Александра Иванова маркетинг уонна сыана бэлиитикэтин уопсай бириинсиптэрин туһунан кэпсээтэ. Сэминээр түмүгүнэн кыттааччылар бу маннык тэрээһин олус наадалааҕын ыйдылар уонна тэрийээччилэргэ махтаннылар.
Саха сиригэр «яконтракт14.рф» саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп. Российскай Федерация…
Владивостокка Уһук Илиннээҕи федеральнай университет кампуһугар саамай былыргы сэлии тобохторо угуллубут саркофагын аҕаллылар. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй…
Сахабыт сирин агрооскуолалара сылын ахсын оҕуруот аһын арааһын олордоллор, оскуолаларын дьэрэкээн сибэккинэн симииллэр. Олортон биирдэстэринэн…
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа үс ойуур баһаарын умуруордулар. Уот хаппыт уопсай иэнэ 1 596 га. Бу…
Арассыыйаҕа балаҕан ыйын 1 күнүттэн суол быраабылаларыгар уларытыылар олоххо киириэхтэрэ, оҕо кириэһилэтигэр ирдэбил кытаатыаҕа. Быраабы…
Ый бэлиэтэ -- Суор ойуута. Суор -- ытык көтөр. Итэҕэл үөрэҕинэн, бу ыйга сиргэ Улуу…