Сунтаарга сулууспалыы сылдьан олохтору толук уурбут уолаттары аҕыннылар

Share

Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, сулууспалыы сылдьан олохторун толук уурбут уолаттарбыт ааттарын, хорсун быһыыларын саныыр-ахтар күн. Бу суолталаах күн Тойбохойго ϴйбдɵбүнньүк уруога ыытылынна. Дириҥ ис хоһоонноох аһаҕас уруогу култуура, үɵрэҕирии бастыҥ киһитэ Клара Тихонова иилээн-саҕалаан тэрийдэ.

Хорсун быһыы суолтатын кэпсээн, байаанынан эйэлээх олох түһүн ыллаан, олус истиҥ уонна дойдуга тапталлаах киһини иитэн таһаарар сыаллаах уруок буолла. Быйылгы тэрээһиҥҥэ Кириэстээхтэн, Дьаархантан, Аллыҥаттан оскуола үɵрэнээччилэрэ кэлэн тэрээһин тыынын үрдэттилэр. Үс эдэркээн уолаттар Аркадий Саввинов, Михаил Иванов, Игорь Васильев мэтириэттэрэ үйэ саас хатаммыт ɵйдɵбүнньүгэр венок ууруу туома тэрилиннэ. Тойбохой дьоно, уолаттар тɵрɵппүттэрэ, бииргэ үлэлээбиттэрэ хорсун быһыылаах милиция үлэһиттэрин туһунан истиҥник санаан-ахтан, тыл этэн уйадыттылар, киэн туттууну сахтылар.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА ыытта.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА ыытта.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА ыытта.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА ыытта.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА ыытта.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА ыытта.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА ыытта.

Сунтаарга «Бартыһаан пааматынньыга» 1922 сыллаахха бартыһааннары уонна милиция үлэһиттэрин бырааттыы кɵмүүлэрин үрдүгэр турар. Бу дириҥ суолталаах ɵйдɵбүнньүгү үйэтитиигэ кэнники үгүс үлэ барар. Сунтаар улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, милиция бэтэрээнэ Афанасий Васильев туруорсан Бартыһаан тулаһата саҥардыллыбыта уонна сылын ахсын ɵйдɵбүнньүк күннэр бэлиэтэнэр буоллулар.

Сунтаардааҕы Ис дьыала отделын иһигэр История түмэлэ баар. Манна милиция, полиция үлэтэ, албан ааттаахтара сырдатыллаллар. Общественнай Сүбэ бу күннэргэ түмэли видеоҕа хатаан киэҥ эйгэҕэ сырдатта. Ол курдук салайааччы Альбина Прокопьева — нэһилиэнньэ «Сунтаар Дядя Степата» диэн таптаан ааттыыр милицияҕа сулууспатын иһин I, II, III истиэпэннээх милиция бэтэрээнэ Иван Афанасьевич Семенов — кэтэ сылдьыбыт таҥаһын туһунан кэпсээтэ. Ону кытта Семеновтар, Гороховтар, Степановтар, Сергеевтар — милиция-полиция династияларын сырдатта.

Сэтинньи 10 күнэ — Полиция күнэ. Сунтаар полициятын үлэһиттэрэ милиция саҕаттан бу күнү кэнсиэринэн кɵрсɵллɵр. Быйылгы кэнсиэри нэһилиэнньэ эмиэ үɵрэ-кɵтɵ күүтэр. Манна киирбит үп анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ананыаҕа.

Хорсун быһыылаахтарбытын умнубаппыт, билигин баары сыаналыыбыт, дьон нус-хас олоҕор туруулаһар дьоммутугар махтанабыт.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago