Сунтаарга сүппүт киһини көрдүүллэр
22.05.2024, 08:30
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/05/screenshot_20240522-065128_telegram-1060x596.jpg)
@suntaar_ulus
Бөлөххө киир:
Устьеҕа мастыы сылдьыбыт киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрин улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
— Олорбут үүтээнигэр халыҥ таҥаһа, саппыкыта барыта хаалбыт. Онон сыгынньах кэриэтэ тахсан барбыт. Тута анал сулууспалар, олохтоохтор көрдүүр үлэҕэ турунан иккис күнүн чугастааҕы тыаны «тараахтыы» кэрийдилэр. Ол эрээри сибики биллибэтэ. Олорбут үүтээнэ суола-ииһэ куһаҕан буолан кыра техника тиийбэт. Көрдүүр бөлөххө бэҕэһээ 30 киһи үлэлээтэ. Көрдүүр үлэҕэ ойуурга сылдьарга аналлаах тиэхиньикэлээх эр дьону көмөҕө ыҥырабыт, — диэн улуус дьаһалтата иһитиннэрдэ.
+1
2
+1
+1
+1
+1
8
+1
3
+1
4
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: