Сунтаарга туристарга анаан саайт баар буолла

Сунтаарга туристарга анаан саайт баар буолла

Ааптар:
23.01.2025, 19:15
Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһугар туристическай инфраструктураны сайыннарар бырайыак көхтөөхтүк саҕаланна.

Маннык бырайыагы олохтоох турбааза, сынньалаҥ дьиэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, туризм эйгэтин сайыннарыыга үлэлэһэр дьон, урбаанньыттар уонна бэйэлэрэ дьарыктаахтар көҕүлээтилэр.

Улууска ыалдьыттары көрсөр 14 эбийиэк үлэлиир. Бу Сунтаарга, Элгээйигэ, Тойбохойго, Наахараҕа, Устьеҕа, Кэмпэндээйигэ, Тумулга, Тэҥкэҕэ бааллар. Бырайыагы көҕүлээччилэр бу хайысхаҕа үлэни-хамнаһы сайыннарар туһуттан хаста да сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыыттылар. Ол түмүгэр саайт тэрийэр туһунан быһаарбыттар. Онон https://suntar-tourism.ru/ саайт баар буолбут. Манна улууска баар сынньалаҥ дьиэлэрин туһунан сырдатыллар, эрдэттэн үлэһэн миэстэ уурдарыахха сөп диэн этиллэр.

«Мин биисинэһим» киини кытары бииргэ үлэлээһин иитинэн, улууска туризмы сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллар.

—Бырайыакка эрэгийиэн күнүн-дьылын, сирин-уотун уратыта учуоттаныллар. Ону тэҥэ, улахан тэрээһиннэр, үгэстэр туһунан сырдатыллар, киллэриллэр. Улахан, тутаах тэрээһиннэргэ, Сунтаар ыһыаҕын көрдөрөр, айылҕа кэрэ-бэлиэ сирдэригэр, Таас тумуска, уо.д.а. сирдэргэ экскурсияны тэрийии былааннанар, — диэн киин бэрэстэбиитэлэ Александра Иванова сырдатар.

Быйыл сылаас буолан, Сунтаар улууһугар айылҕаҕа кыһын да баран сынньаныахха сөп диэн этиллэр. Онон Саха сирин олохтоохторо, ыалдьыттара саайтка киирэн сиһилии көрүөххүтүн сөп.

«Мин биисинэһим» эрэгийиэннээҥи киин «Эффективная и конкурентная экономика» национальнай бырайыагынан урбаанньыттарга өйөбүлү оҥорор. Тэрээһин, куонкурус, судаарыстьыбаннай өйөбүл миэрэлэрин, быыстапкалар тустарынан: Телеграм, ВКонтакте, Одноклассники, Мойбизнес14.рф киирэн, ону сэргэ 8(800)100-58-80 нүөмэргэ төлөпүөннээн сиһилии билиэххитин сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
1 февраля
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: