«Дьоммут талааннаах да буолар эбиттэр», «Олоҥхо тылын манна кэлэн иһиттим»… Бу курдук кынаттаах тыллар Сунтаарга Улахан Олоҥхо күнүн кэннэ үксээтэ.
Бу күнү икки сыл устата күүттүбүт. Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинэ Митрофан Мартынов-Бөөдөс Уола «Уол Дуолан бухатыыр» диэн Сунтаар баар-суох сурукка толору киирбит, чинчийиллибит сүдү айымньытын туруорабыт диэн бигэ санаа ылыммыттара. Онтон бэттэх үлүскэн үлэ ыытыллан Олоҥхо сүрэхтэннэ!
Сунтаарбыт айылҕаттан айдарыылаах, кылыһахтаах ырыалаах, сахалыы тыыннаах, уран тарбахтаах, тыаска-ууска, уокка, тэрээһиҥҥэ туруу үлэһит дьону бүттүүн түмэ тардан, туруорааччы Антон Ботаков, хамнаныылары туруорааччы Ева Шамаева, худуоһунньук Екатерина Шапошникова курдук ааттаах дьон биһиги дойдуга кэлэн айымньылаахтык үлэлэһэн, бу баараҕай үлэ ситиһиилээх буолла. Олоҥхо саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри көрөөччү барыта Уол Дуолан хараҥа күүһү кытта охсуһарыгар бииргэ буолла, бииртэн биир абааһы тахсыыта кэнники олохпут көстүүтүн санатта.
Биир бэйэм Бүлүү Эбэбит киртийиитин, хоруона хамсыга өрө туруутун, дойдубут дьалхаанын, тулалыыр эйгэ алдьаныытын, онтон эйэлээх олохпутугар сэрии кимэн киириитин барытын ситимнээн ойуулаатым… Онно барытыгар Уол Дуолан бухатыырбыт барахсан кыайыылаах тахсан истэҕин аайы көрөөччү саалата өрөгөйдүүрэ бу буоллаҕа — ОЛОҤХО ОМУНА, ОЛОҔО, ОМООНО, ОРОЙО!
Уол Дуолан кэннэ элбэх тылынан сыппатан кэбиспэккэ, СУНТААР — ОЛОҤХО ДОЙДУТУГАР — ОЛОҤХО ТУРДА! БАР ДЬОҤҤО ОЛОХХО ЭРЭЛИ БИЭРДЭ! Үлэлэспит бары дьоҥҥо барҕа махтал, үгүрү-сүгүрү! Кыыл Уолун сыла ОЛОҤХОНОН арылынна!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Горнайга Мытаах олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга хаххалыыр сиэккэни оҥорууга көхтөөхтүк кытталлар. Уопсайа 15-тии…
Аныгы үйэҕэ күннээҕи олохпутугар туох буортулааҕын, киһи этигэр-сиинигэр хайдах дьайарын биллэхпитинэ, быһаарыстахпытына эрэ, бэйэбит уонна…
Биир аҕа билэр дьахтарыттан кыыспын оскуолаттан тоһуйан дьиэтигэр атаар диэн көрдөспүт. Дьахтар кыыһы кытта дьиэ…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун лиссиэйигэр Устудьуон күнүн бэлиэтиир олус үчүгэй тэрээһин буолла. Онно оскуола үрдүкү кылааһын…
Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ сэттэ олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээбит. Түөкүттэр уопсайа 5,2 мөл. солк. тахса сууманы сойбоппуттар.…
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар "Аһыма – дьолбут уйата" тэрээһин чэрчитинэн ("Горнай түмсүү" сал. Н. Федорова) бэртээхэй…